Амма улууһугар салайааччылар уонна дьокутааттар бэтэрээннэри эҕэрдэлииллэр
08.05.2024, 16:11
Хаартыска -- Амма улууһун дьаһалтатын телеграм-ханаалыттан.
Бөлөххө киир:
Амма улууһугар «Бэтэрээнҥэ — ыалдьыттыы» диэн дойду үрдүнэн ыытыллар аахсыйа буола турар.
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата телеграм-ханаалыгар иһитиннэрбитинэн, оройуон сэбиэтин дьокутааттара, нэһилиэктэр баһылыктара, тэрилтэлэр салайааччылара уонна ыччаттар кэһии уонна бэлэх тутуурдаах тиийэн, бэтэрээннэри сирэй көрсөн эҕэрдэлииллэр.
Үгэс быһыытынан Улуу Кыайыы бырааһынньыгын көрсө ытык дьону эҕэрдэлээһин, кинилэргэ махтал тылларын этии, биллэн турар, кырдьаҕас дьоҥҥо саамай үөрүүлээх уонна күндү түгэн буоллаҕа.
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: