Амма улууһугар уот лииньийэтин оҥороллор, суолу аспааллыыллар
Ил Дарханы кытта «Быһа эпииргэ» улуустартан араас ис хоһоонноох ыйытыылар киирэ тураллар.
Ордук элбэх ыйытыы Дьокуускайтан, Ленскэй уонна Дьааҥы улуустарыттан киирдилэр. Тэрээһиҥҥэ бүгүн куйаар ситиминэн бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, миниистирдэр кыттыыны ылаллар. Туһааннаах боппуруостарга бэйэлэрин хайысхаларынан эмиэ хоруйдуохтара.
“Быһа эпииргэ” улуустартан тахсан кыттан эрэллэр. Ол курдук, Амма улууһун олохтоохторо электричество уотун кыамтата мөлтөҕүн бэлиэтээн туран, быйыл Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыахтаах улууһугар Ил Дархан бу тирээн турар боппуруоска болҕомтотун уурарыгар көрдөстүлэр.
Балаһыанньаны төрдүттэн билэрин, боппуруоһу хоҥтуруолга ылбытын бэлиэтээн туран, Ил Дархан энергетиктэри кытта туһааннаах кэпсэтии барбытын, Сулҕаччыттан Аммаҕа диэри уот лиинийэтэ оҥоһулла турарын иһитиннэрдэ. “Амма улууһа кэлиҥҥи кэмҥэ балысханнык сайынна. Онон бөдөҥ социальнай эбийиэктэр тутуллан, электроэнергетика кыамтата мөлтөөн, уустуктар үөскээбиттэрэ баар суол. Энергетиктэр бу үлэҕэ олохтоохтук ылыстылар», — диэн бэлиэтээтэ.
— Амма улууһун туһунан кэпсэппиччэ, манна суол оҥоһуутун эмиэ таарыйан ылыым. Быйыл 17 км аспаал суол оҥоһуллуоҕа. Эһиил 15 км оҥоһуллуоҕа. Суол оҥоһуутугар 830 мөлүйүөн солкуобай көрүллэн турар. Өссө эбии үбүлээһин көрүллүөҕэ. Аммаҕа диэри аспаал суолу тутуу 2028 сылга түмүктэниэҕэ, — диэн Амма улууһун олохтоохторун ыйытыыларыгар хоруйун түмүктээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: