Федот Потапов аатынан Амматааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр от ыйыттан саҕалаан «Амарах сүрэхтэр» диэн Римма Алексеева салайааччыылаах уопсастыбаннай түмсүү үлэлиир. Бу түмсүүгэ сүрүн тэрийээччилэринэн Надежда Шараборина, Анна Александрова, Марина Кулева буолаллар.
Кинилэр тус үлэлэрин быыһыгар бириэмэлэрин аттаран, бэйэлэрин холобурдарынан Амма дьонун-сэргэтин көҕүлүү сылдьаллар. Ол курдук 75 киилэ араас размердаах тааҥкаларга, блиндажка, саллаакка сөптөөх маскировочнай сиэккэлэри, 35 устуука ардахтан харыстанар былаастары, 50 устуука сиэккэ угар мөһөөччүктэри уонна кааска үрдүнэн кэтэр эмиэ харысхаллары өрөн бэлэмнииллэр. Маны таһынан байыастарга аналлаах чүмэчилэри оскуола оҕолоругар оҥоттороллор. Биир орто бааҥкаҕа оҥоһуллубут чүмэчи биэс чаас умайар эбит, боруобалаан уматан көрбүттэр. Өссө оҕо искусствотын оскуолатын үөрэнээччилэрэ уонна төрөппүттэрэ Амма тааһыгар быйыастарга анаан харысхал уруһуйдаан туттардылар.
Аны Амма дьонуттан отон хомуйан биир дойдулаахтарыгар барыанньа буһаран, 500-тээх бытыылкаларга кутан ыыталлар. Итиэннэ «Амма чэйин» бу эмиэ Амматааҕы эдэр натуралистар ыстаансыйаларын үөрэнээччилэрэ хомуйан туттарбыттара. Ол курдук, бу кэмҥэ уоппускаҕа кэлэ сылдьар Ростовка волонтерунан үлэлиир Петр Лебедевка биэрэн ыытаары бэлэмнииллэр.
Бу барыта уопсастыбаннай хамсааһын быһыытынан ыытылла турар тэрээһиннэр дьон-сэргэ Кыайыы туһугар кыһамньыылаах үлэтинэн буолар.
Бу үлэҕэ ордук көдьүүстээхтик Амматааҕы кииннэмит бухгалтерия, Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбата, Амматааҕы кииннэммит балыыһа, улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ, «Үһүс көлүөнэ» чилиэттэрэ, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар ийэлэрэ кытталлар.
«Единый» уонна «Элита» таксилар, дьаһалта суоппардара илими уонна онно баайар маскировочнай сиэккэни оҥорон таһаарар урулуонунан таҥастары куораттан тиэйэн аҕаларга уопсастыбанньыктарга күүс-көмө буоллаллар.
Байыаннай дьайыылар бэтэрээннэрэ, Чечня сэриитигэр сылдьыбыт Дмитрий Носов биир дойдулаахтарыгар тус бэйэтэ элбэх көмөнү оҥоро сылдьарын бэлиэтиибит. Кини тимир оһохтору оҥорон ыыталаата. Ону кытта Анатолий Стручковтыын туттуллубут эргэ баннердары хомуйан окуопаны сабарга анаан ыыттылар. Дмитрий Носов биир дойдулаахтарын кытта мэлдьи сибээскэ сылдьан, ким туохха наадыйарын чопчу билсэ сылдьар. Онон саллааттар дьиэ кэргэттэригэр олус туһалаах киһи буоларын аммалар бэлиэтииллэр.
Өссө эбэн суруйдахха, бу соторутааҕыта «Илии сылааһа» хамсааһын ыыппыт тигии күрэҕэр «Кыыс Амма» диэн хамаанда тэриллэн бастаабыта. Бу хамаанданы Анфиса Федорова салайан күн бүгүн эмиэ таҥас тигиитигэр күүстээхтик үлэлии сылдьаллар.
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…