Амма улууһун баһылыга нэдиэлэ саҥатыгар дьонун-сэргэтин кытта көрсөн кэпсэтэр
Ахсынньы 9 күнүгэр Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин уочараттаах нэдиэлэ саҥатынааҕы көрсүһүүтүн ыытта.
Аны аҕыйах хонугунан – ахсынньы 16 күнүгэр — Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин баһылыгынан талыллыбыта иккис сыла туолуоҕа.
— Баһылыгынан талыллыахпыттан ыла үлэ нэдиэлэтин улууһум олохтоохторун кытта көрсүһүүнэн саҕалыыбын. Ол курдук, тиһигин быспакка бэнидиэнньиккэ 4-тэн 6 чааска диэри дьоммун-сэргэбин кытта кэпсэтэн, кыһалҕаларын истэбин, сонун этии да киирэр, кэккэ тэрээһиннэргэ да санааларын үллэстэллэр. Сурутуунан туох боппуруостаах киирэллэрэ эрдэттэн биллэр буолан, баһылыгы кытта көрсүһүүгэ икки чаас ананарын дьон чопчу билэллэр. Биллэн турар, маннык көрсүһүү икки өттүттэн туһалааҕа чахчы, — диэн санаатын үллэһиннэ Степан Николаевич.
Бэнидиэнньик – ыарахан күн дииллэр. Баһылыктар бу күн сарсыардааҥы планеркалара, араас мунньахтара үгүһэ чахчы. Ол эрээри, Амма баһылыгын курдук “ыарахан күҥҥэ” дьону кытта кэпсэтиэх диэтэххэ, уустук курдук. “Нэдиэлэ саҥатыгар киирбит араас боппуруостары быһааралларыгар тэрилтэлэр салайааччыларыгар сорудахтыырга да үчүгэй. Үлэ нэдиэлэтин устата үгүс бэйэни салайыныы уорганнарын боломуочуйаларыгар сыһыаннаах боппуруос туоларын ситиһэбит”, — диэн бэлиэтээтэ Степан Николаевич.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: