Салгыы
Амма улууһун мобильнай биригээдэлэрэ 220 туонна оту кэбистилэр

Амма улууһун мобильнай биригээдэлэрэ 220 туонна оту кэбистилэр

26.07.2024, 15:45
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр турбут кураан күннэри баттаһа ходуһаларга тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар, моой отчуттар оттуу сылдьаллар. Ол курдук,  от ыйын 25 күнүнээҕи туругунан, 7000 тыраахтар, 5227 звено, 16009 киһи  оттууллар. Ити иһиттэн 1719 механизациялаах, 2356 ситэтэ суох механизациялаах, 38 көлө-илии, 916 илиинэн оттуур  звенолар тэриллэн, үлэлииллэр.

Уопсайа 61104 гектар от охсулунна уонна  42103 т от кэбиһилиннэ. Холобур, Уус Алдан улууһа 8760,6 гектар сири охсубут буоллаҕына, Мэҥэ Хаҥалас – 7999,0 гектар, Сунтаар – 6504 гектар, Ньурба – 4741,0 гектар сири оҕустардылар. Нам улууһа  (5111,9 т), Уус Алдан (5066,7т) атыттардааҕар  арыычча элбэх оту чөкөттүлэр.

Таатта улууһугар 5 туонна сенаһы бэлэмнээтилэр. Таатта улууһугар ыыппыт мунньаҕар СӨ Ил Дархана Айсен Николаев оттооһуҥҥа бары күүскэ турунарга, болҕомтону мобильнай биригээдэлэргэ уурарга эппитэ. Бүгүҥҥү туругунан 45 мобильнай звено тэрилиннэ. Маннык звенолар Амма, (8 звено), Үөһээ Халыма (5), Горнай (9), Мэҥэ Хаҥалас (5), Чурапчы (15), Нам (1), Томпо (2) улуустарыгар тэриллэн, тэйиччи сытар сирдэргэ бардылар. Амма улууһун мобильнай биригээдэлэрэ хайы-үйэ 220 туонна оту соҕотуопкалаатылар.

Хаартыска: А.Лаврентьева тиксэрдэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: