Амма улууһун Олом Күөлүн тыатааҕы буулаата…

Share

Быйыл бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тыатааҕылар нэһилиэнньэлээх пууннарга киирбит үгүс түгэннэрэ бэлиэтэннэ. Ол курдук бу соторутааҕыта Амма улууһун Олом Күөл учаастагын тыатааҕы буулаабытын туһунан учаастакка хаһаайыстыба тутан олорор Егор Кузьмин иһитиннэрдэ:

— Олом Күөлгэ үс хаһаайыстыба олоробут. Билигин дьиэ кэргэним сайылыы тахсыбыта. Манна биһиги, сылгынан, саха ынаҕынан дьарыктанабыт. Тыатааҕы былырыын эмиэ буулаан эрэйдээбитэ. Биэни, кулунчугу сиэбитэ. Биһиги борооскубутун туппут этэ. Онно лиссиэнсийэ  ыламмыт тута бултаабыппыт. Аны лиссиэнсийэ болдьоҕо үс эрэ күҥҥэ диэн этэ. Биһиги ылан баран тута сарсыныгар бултаабыппыт. Быйыл лиссиэнсийэ көрдөөн ыллыбыт. Дэриэбинэ таһыгар биэни бааһырта, дьоҥҥо-сэргэҕэ, сылгыга-сүөһүгэ кутталланна. Сайыннары туох айылаах хоргуйбут кыыла көһүннэҕэй диибит. Быйыл олус элбээтэ. Урут маннык көстүү көстүбэт этэ. Оҕо эрдэххэ тыатааҕы үрэх баһынан сылдьар буолара. Быйыл  убайдарым, бырааттарым үүтээннэрин, уопсайа биэс үүтээни ыста. Бу кэнники икки үүтээҥҥэ иккистээн киирэн ыһан барбыт. Сатаан бултаабат буолбут кырдьаҕас тыатааҕы буоллаҕа дуу дии саныыбыт.  Онон тыатааҕыны бултаһыыга күүстээх үлэ ыытыллыан наада дии саныыбын. Хаһаайыстыбаҕа улахан хоромньуну оҥорор буолла диэн дьиксинэбит.

Егор Кузьмин тус архыыбын хаартыскалара

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Полярные авиалинии» икки бөртөлүөтү атыыласта

Бүгүн, атырдьах ыйын 8 күнүгэр, Маҥан аэропордун ангаарыгар "Полярные авиалинии" хампаанньа саҥа атыыласпыт икки Ми-8МТВ-1…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1227 киһиэхэ төлөбүрдэри ыыппыттар

Билиҥҥи туругунан, Өймөкөөн уонна Абый улуустарыгар сайыҥҥы халаантан эмсэҕэлээбит 1200-тэн тахса киһиэхэ төлөбүрдэри ыыппыттар. Бу…

29 минут ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Курсааннар стажировкалара түмүктэннэ

Балтараа ый устата "Саха сирэ -- Дьоруойдар дойдулара" бырагыраама курсааннара министиэристибэлэргэ, дьаһалталарга, кэмитиэттэргэ, департаменнарга стажировкаланнылар.…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Атырдьах ыйыгар өссө сылыйыа дуо?

Сылаас күн-дьыл өссө төннүө дуо? Атырдьах ыйыгар күн-дьыл хайдах буолуоҕун туһунан гидрометеорологическай киин начаалынньыга -…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Намҥа эр киһи ойоҕун аанынан саайбыт

Нам оройуоннааҕы Арассыыйа ИДьМ-ын полиция отделын участковайын матырыйаалларынан 35 саастаах эрдэ сууттана сылдьыбыт киһиэхэ холуобунай…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар…

Бу нэдиэлэ ортото Арассыыйаҕа Эмиэрикэ бэрэсидьиэнин анал бэрэстэбиитэлэ кэлэн барда. Бэлиитикэ киэҥ хонуутугар, бу нэдиэлэ…

2 часа ago