Хаартыска: Егор Кузьмин
Быйыл бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тыатааҕылар нэһилиэнньэлээх пууннарга киирбит үгүс түгэннэрэ бэлиэтэннэ. Ол курдук бу соторутааҕыта Амма улууһун Олом Күөл учаастагын тыатааҕы буулаабытын туһунан учаастакка хаһаайыстыба тутан олорор Егор Кузьмин иһитиннэрдэ:
— Олом Күөлгэ үс хаһаайыстыба олоробут. Билигин дьиэ кэргэним сайылыы тахсыбыта. Манна биһиги, сылгынан, саха ынаҕынан дьарыктанабыт. Тыатааҕы былырыын эмиэ буулаан эрэйдээбитэ. Биэни, кулунчугу сиэбитэ. Биһиги борооскубутун туппут этэ. Онно лиссиэнсийэ ыламмыт тута бултаабыппыт. Аны лиссиэнсийэ болдьоҕо үс эрэ күҥҥэ диэн этэ. Биһиги ылан баран тута сарсыныгар бултаабыппыт. Быйыл лиссиэнсийэ көрдөөн ыллыбыт. Дэриэбинэ таһыгар биэни бааһырта, дьоҥҥо-сэргэҕэ, сылгыга-сүөһүгэ кутталланна. Сайыннары туох айылаах хоргуйбут кыыла көһүннэҕэй диибит. Быйыл олус элбээтэ. Урут маннык көстүү көстүбэт этэ. Оҕо эрдэххэ тыатааҕы үрэх баһынан сылдьар буолара. Быйыл убайдарым, бырааттарым үүтээннэрин, уопсайа биэс үүтээни ыста. Бу кэнники икки үүтээҥҥэ иккистээн киирэн ыһан барбыт. Сатаан бултаабат буолбут кырдьаҕас тыатааҕы буоллаҕа дуу дии саныыбыт. Онон тыатааҕыны бултаһыыга күүстээх үлэ ыытыллыан наада дии саныыбын. Хаһаайыстыбаҕа улахан хоромньуну оҥорор буолла диэн дьиксинэбит.
"Саҕынньахтаах селедка" салааты Саҥа дьылга сөбүлээн оҥоробут. Ол эрээри, бу салааты атыннык эмиэ оҥоруохха сөп…
Ырыаһыт Виталий Очиров хатыыс хабаҕынан туһаныы туһунан видеота социальнай ситимнэринэн тарҕанна.
РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев «Россия-24» ханаалга интервью биэрдэ,…
2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйаҕа үс сыллаах эксперимент саҕаланыаҕа, ол түмүгэр бэйэ дьарыктаах дьон…
Өлүөхүмэ улууһун I Нөөрүктээйи нэһилиэгэр кыс ортото лыах тиллибитэ ый буолла. Маныаха учуонайдар көрүүлэрэ хайдаҕый?…
Дьокуускай куоракка полицейскайдар балыыһаҕа киирбит табаарыһын каартатыттан мөлүйүөн аҥаара харчыны уорбут киһини туттулар. Бу туһунан…