Амма улууһун тэрийбит маҥнайгы кулуба Афанасий Петрович Рязанскайга анаммыт кинигэ сүрэхтэннэ

Share

Бүгүн Дьокуускайга 2-c №-дээх Бырабыыталыстыба дьиэтигэр А.П.Рязанскай төрөөбүтэ 150 сылыгар анаммыт “XX үйэ саҕаланыытынааҕы интеллигенция сырдатар үлэтэ уонна Арассыыйа национальнай эрэгийиэннэрин судаарыстыбаннаһын атаҕар туруутугар оруола” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытылла турар. Кэмпириэнсийэ үлэтигэр биллэр учуонайдар, суруйааччылар, чинчийээччилэр уо.д.а. кытталлар.

Кэмпириэнсийэни СӨ култуураҕа  уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев арыйда. Арассыыйа таһымнаах тэрээһининэн биллэр уопсастыбаннай диэйэтэл Георгий Никонов, историческай наука дуоктара Сардана Боякова, филологическай наука дуоктара Александр Петров, СӨ Култуураҕа нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстааһыҥҥа департаменын салайааччыта Николай Макаров эҕэрдэлээтилэр.

Хаартысканы: Н. Илларионова тиксэрдэ.
Хаартысканы: Н. Илларионова тиксэрдэ.
Хаартысканы: Н. Илларионова тиксэрдэ.
Хаартысканы: Н. Илларионова тиксэрдэ.
Хаартысканы: Н. Илларионова тиксэрдэ.

Ол кэнниттэн Амма улууһун тэрийбит маҥнайгы кулуба Афанасий Петрович Рязанскай судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, сырдатааччы быһыытынан историческай мэтириэтин история билимин хандьыдаата Егор Антонов киэҥник сырдатта. Аатырбыт кулуба Саха сиригэр гражданскай сэрии сылларынааҕы кэмигэр анаммыт олоҕун туһунан история билимин хандьыдаата Владимир Пестерев билиһиннэрпдэ. Амма улууһун баһылыгын солбуйааччы, искусствоведение хандьыдаата Нюргуяна Илларионова “Амма улууһугар история өйдөбүньүгүн харыстааһын” тиэмэҕэ дакылаатын иһиттилэр. Салгыы сиэксийэлэринэн үлэ ыытылынна. Ол курдук, Эрэһээнискэйдэр олохторун түөлбэтин, “Сир реформатын салайыытыгар” уо.д.а. тиэмэлэргэ кэрэхсэбиллээх дакылааттары иһиттилэр.

Кэмпириэнсийэ сэргэх түгэнинэн “Амма улууһун тэрийбит маҥнайгы кулуба Афанасий Петрович Рязанскай (1873-1930)  диэн М.В.Алексеев кинигэтин биһирэмэ буолла.

Николай Николаевич Рязанскай уруһуйдарын быыстапката, Национальнай бибилэтиэкэ, Национальнай архыып тэрийбит быыстапкаларын кытааччылар сэҥээрдилэр. Бу дьоһун историческай суолталаах кинигэ архыып докумуоннарыгар олоҕуран суруллубут буолан ааҕааччыларга интэриэһи тардыаҕа. Манна А.Рязанскай төрүччүтэ, хаан уруу аймахтарын ахтыылара киирбиттэр.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

40 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

1 час ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

2 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

3 часа ago