Амма улууһун түмсүүлэрэ аахсыйаҕа көхтөөхтүк кытталлар (ВИДЕО)
Арассыыйа-Украина сыһыаннаһыыларыгар, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ биир дойдулаахтарбыт санааларын үллэстэллэр, биир санаанан салайтаран түмсүөҕүҥ дииллэр. Үгүс улууска уопсастыбаннай түмсүүлэр быстах хомуурга барбыт дьоммутугар араас хабааннаах көмөнү оҥороллор. Ол курдук, анал аахсыйаҕа Амма улууһун ийэлэрин, эбэлэрин түмсүүлэрэ кыттыстылар.
Марфа Дмитриева, Амма улууһун Дьахталларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ санаатын үллэстэр:
— Амма улууһугар Волонтерскай киин иһинэн тэриллибит хамыыһыйаҕа уопсастыбаннай тэрилтэлэр салайааччылара түмсэммит быстах хомуурга барбыт дьоммутугар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көмөнү оҥоро олоробут. Өрөспүүбүлүкэ ыҥырыытын өйөөммүт, бу көмөҕө бука бары турунуоҕуҥ диэн, улууспут иһигэр ыҥырыы таһаарбыппыт. Балаҕан ыйыттан бу үлэбитин саҕалааммыт алтынньы 6 күнүгэр, онтон салгыы алтынньы 25 күнүгэр хомуйбут көмөбүтүн өрөспүүбүлүкэ ыстаабыгар киллэрэн туттарбыппыт. Улуус дьахталларын сэбиэтэ “Ийэм илиитинэн оҥоһуллубут сылаас наскы” диэн Амма-Наахара нэһилиэгин ийэлэрин түмсүүтэ биллэрбит аахсыйаларын өйөөн, наскы хомуйан киллэрэн туттарыахтаахпыт. “Аптека суумката” аахсыйа аптечка суумкаларын тигэн эмиэ тиксэрбиппит. Маны тигэрбитигэр урбаанньыт Людмила Куприянова биир түрдэ бириһиэн таҥаһын босхо көмөлөспүтэ. Наталья Шишигина салайааччылаах “Автоледи” кулууба бу аахсыйаны өйүөҕүҥ диэн ыҥырбыта. Ону улууспут дьахталлара өйөөннөр, тэрилтэлэрбит көмөлөһөннөр, 350 суумканы тикпиппит. Чааһынай аптекалар “Знахарь”, “Здоровье”, 7 №-дээх аптекаларбыт көмөлөөннөр уонна тэрилтэлэр харчы хомуйаннар, эмп-том атыылаһан биэрбиттэрэ. Онон суумкалар бары толору эмтээх барбыттара. Тэрилтэлэрбит, ийэлэр, эбэлэр түмсүүлэрэ араас сылаас таҥаһы, эр дьоннор фонариктары, зажигалкалары, тимир термостары, берцылары хомуйбуттарын түмэммит өрөспүүбүлүкэ ыстаабыгар туттарбыппыт.
Дьиэ кэргэннэригэр көмөнү оҥорууну эр дьон, аҕалар уонна Петр Попов салайааччылаах улуус ыччатын “Юнармия” түмсүүтүн кытта үллэстэн толоро сылдьабыт. Мас, муус иҥин хааччыйыытыгар сайаапкаларынан көмө бара турар. Оскуола оҕолоро эмиэ Тимуровскай хамаанданан кытта көмөлөһөллөр.
Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр улуус дьаһалтатын көҕүлээһининэн биллэриллибит аахсыйанан култуура үлэһиттэрин күүстэринэн улахан аһымал кэнсиэр ыытылынна. Онно улуус дьахталларын түмсүүтэ аһымал дьаарбаҥканы тэрийдэ. Киирбит үп барыта «Кыайыы» көмө пуондатыгар барда. Эйэлээх олох туһугар биир сомоҕо буолан үлэлиэҕиҥ!
Салгыы видео-устууну көрүҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: