Амма уонна Горнай улуустарыгар лааҕыр дьиэлэрин тутуохтара
Амма уонна Горнай улуустарыгар оҕо сынньалаҥын дьиэлэрин тутуохтара. Бу үөрүүлээх сонуну Үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколова саҥа үөрэх дьылын көрсө РФ Үөрэҕириитин министиэристибэтигэр командировкатынан сырыытыттан тус телеграмыгар үллэстэригэр суруйар.
“Үөрүүлээх түгэнинэн түргэн тутуу (конструкция) көмөтүнэн оҕо сынньалаҥын уонна доруобуйатын бөҕөргөтүү аныгы инфраструктуратын тэрийиигэ субъектар сүүмэрдиир куонкурустарын түмүгэ буолла. Ол курдук, 2027 сылга федеральнай бүддьүөт суотугар Амма, Горнай улуустарыгар 50-нуу миэстэлээх икки олорор (спальный) куорпуһу тутуохпут уонна Сунтаар улууһугар “Сир Уустара” лааҕырга хапытаалынай өрөмүөн оҥоруохпут.
Бу министиэристибэ улуустары кытта улахан хамаанданан үлэтин түмүгэ. Эҕэрдэлиибин” – диэн миниистир үөрүүтүн үллэстэр.
Ону тэҥэ, СӨ аныгы технологияларын институтун дириэктэрэ А.А.Красильниковы кытта сыыппара трансформациятын уонна улахан даннайдар департаменын дириэктэрэ А.В.Горобестыын көрсөн үөрэх салаатыгар сыыппара трансформациятын уонна педагогтарга көмөлөһөр инниттэн саҥа информационнай кыахтары киллэрэн туһаныы туһунан кэпсэппиттэрин суруйар.
Инфраструктураны сайыннарар департамеҥҥа “Ыччат уонна оҕо” саҥа национальнай бырайыагынан Дьокуускайга, Нерюнгрига уонна Бүлүүгэ саҥа оскуолалары тутууну киллэрии, ону тэҥэ, Нам улууһугар саахалы чөлүгэр түһэрии боппуруоһунан үлэлэспит.
Итини таһынан, оҕону иитии, эрэгийиэҥҥэ эбии үөрэхтээһини тэрийии, оҕолору экология чинчийиилэригэр сыһыарыы, быраактыкаҕа сатабылларын кэҥэтии, сайыҥҥы сынньалаҥы тэрийии туһунан кэпсэппит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: