Аммаҕа аҕыс киһи гаастан сүһүрдэ
03.02.2023, 15:37
Хаартыска: Илин эҥээрдээҕи СК управлениетыттан.
Бөлөххө киир:
Амма улууһугар аҕыс киһи гаастан сүһүрдэ, онтон биир киһи суорума суолланна. Силиэдэбэтэллэр туох буолбутун быһаара сылдьаллар диэн биэдэмистибэ иһитиннэрэр.
Барыллаан дааннайдарынан, эр дьон тымныы гарааска икки генераторы холбоон баран, сыста турар сиргэ сылдьыбыттар. Онно ааннарын ситэ саппатахтар, онон кинилэргэ угаардаах гаас киирбит.
Биир эр киһи өлбүт. Сэттэ киһи ыарахан туруктаах балыыһаҕа киирдилэр.
Силиэстийэ салгыы ыытыллар диэн СИА суруйар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: