Бүгүн эппиппит курдук, түөрт муниципальнай тэриллиигэ болдьохторун иннинэ баһылыктары таллылар.
Оруобуна 20.00 ч. бары быыбардыыр учаастактар сабыллан, быыбардар түмүктэннилэр.
Абый улууһун Белай Гората Дьокуускай куорат бириэмэтиттэн икки чаас эрдэлиир буолан, түмүгэ бастакынан биллибитэ. Барыта үс хандьыдаат турбута. 1507 быыбардааччылааҕыттан 409 куолаһы ылан Мыреев Айсен Михайлович баһылыгынан талылынна. Кини 1992 с. төрөөбүт, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан турбута.
Оттон Аммаҕа улууһугар Кузьмин Степан Николаевич 4356 (71,25%) куолаһы ылан баһылыгынан талылынна. Кини 1988 с. төрүөх, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан турбута. Амма улууһугар быыбардааччытын ахсаана 11676 киһи. Барыта 4 хандьыдаат кииристэ.
Онтон Томпо улууһун Мэҥэ Алданыгар элбэх куолаһы ылан, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан турбут Комиссаров Юрий Юрьевич 222 куолаһы ылан талылынна. Кини 1982 с. төрөөбүт. Манна барыта 702 быыбардааччы баар, икки хандьыдаат турбута.
Чурапчы улууһун Сылаҥыгар Макаров Егор Иннокентьевич 399 баһыйар куолаһы ылан баһылыгынан талылынна. Кини 1969 с. төрөөбүт. Быыбардааччытын ахсаана 809 киһи. Үс хандьыдаат турбута.
Ахсынньы 3 күнүттэн 2022 с. «Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай быыбарын туһунан» сокуон 1 чааһын 76.1 ыст. сөп түбэһиннэрэн ыраах сытар уонна суола-ииһэ мөлтөх сирдэргэ быыбардааччылар болдьох иннинэ куоластаабыттара.
Бары быыбар учаастактарыгар Саха сирин Уопсастыбаннай балаататыттан 38 уонна хандьыдааттартан 67 кэтээн көрөөччү үлэлээтэ.
Саха сирин киин быыбардыыр хамыыһыйатын хаартыскалара
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…
Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…
Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…