Аммаҕа “Дьөһөгөй – сир эдэр хаһаайыттара” бырайыак үлэлиир

Share

“Амма Кэскилэ” улуустааҕы оҕо холбоһугун тэрилтэтин нөҥүө О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киин педагогтара 2024 сылга иккис төгүлүн дойду бэрэсидьиэнин гранын ылары ситистилэр.

“Дьөһөгөй – сир эдэр хаһаайыттара” бырайыак 2022 сыллаах «Дьөһөгөй» — сылгыны таптааччылар кулууптара» бырайыак салгыытынан буолар. Бу былаанынан балаҕан ыйтан үлэтин саҕалаата. Амма, Бөтүҥ, Сатаҕай, Чакыр, Абаҕа, Алтан, Болугур — уопсайа сэттэ оскуола бииргэ үлэлииллэрин биллэрдилэр, химия, биология, география учууталлара салайааччыларынан ананнылар. Быйылгы үлэбит сыала-соруга сылгы мэччирэҥ сирдэрин, ходуһалары үөрэтэн наукаҕа олоҕуран, оҕолор чинчийэр үлэлэрин саҕалааһыннара буолар. Кэлэр 2025 сылга “Дьөһөгөй – сир эдэр хаһаайыттара” өрөспүүбүлүкэтээҕи научно-практическай кэмпириэнсийэ тэрийиллэр. Чинчийээччи оҕолорго Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет преподавателлэрэ, Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун учуонайдара, преподователлэрэ сүбэ-ама, чинчийэр үлэлэригэр көмө биэриэхтэрэ.

Хас биирдии оскуола биир былаанынан үлэлэрин саҕалаатылар. Ол курдук,  А.Е.Кралин аатынан Абаҕа орто оскуолатын «Дьөһөгөй» кулуубун иитилээччилэрэ И.Я. Строд аатынан СХПК племенной конезавод үрдүк хааннаах сүүрүүк сылгылары тутар конюшняларыгар баран кэллилэр. Кинилэри Арассыыйаҕа биллэр ат сүүрдээччи Тимофеев Спиридон Васильевич  көрүстэ, элбэх ситиһиилэрдээхтэрин, быйыл эбии соҕурууттан саҥа сүүрүүк сылгы аҕалбыттарын, олору көрүү-истии туһунан элбэҕи кэпсээтэ. Убаһаларын иитиигэ хаалар, атыыга барар, идэһэ буолар диэн араараллар, хаан ылаллар, анаалыс оҥорон удьуордарын быһаараллар, эбии чиптыыллар эбит.

Бөтүҥ орто оскуолатыттан улуустааҕы «Дьөһөгөй» кулуупка 15 уол суруйтаран, алтынньы 16 күнүгэр сылгы мэччирэҥин Хочо сиригэр баран билсэн, буорун, уутун чинчийэр сыаллаах матырыйаал быһыытынан ыллылар. «Таҥха» Самсоновтар бааһынай хаһаайыстыбаларын сылгы баазатыгар «Хааччах» диэн 4 км тэйиччи сиргэ, сылгы кыстыыр отун састаабын үөрэтэн көрөр сыаллаах иккис экспедицияҕа тахсан киирдилэр. Экспедиция сылдьан от, уу, буор анаалыһыгар чинчийэр үлэҕэ проба ыллылар. Сибиэһэй салгынынан тыынан, астынан, дуоһуйа кэпсэтэн, инники үлэлэрин аттаран кэллилэр. «Арҕаа дэриэбинэ» сылгылар мэччийэр сиригэр-уотугар чинчийии, кэтээн мэччийэр ходуһа аллараа, орто, үөһээ өттүн көрөр зоналарын бэлиэтээтилэр, хоту, соҕуруу, илин, арҕаа хайысханан араардылар.

Амматааҕы бастакы нүөмэрдээх оскуола «Дьөһөгөй» түмсүү оҕолоро сылгы баазатыгар экскурсияҕа сырыттылар. Саха сылгытын көрүү-харайыы, сылгы кыһыны туорууругар туох үлэни көрсөллөрүн, сылгы туох ыарыылааҕын биллилэр. Ону тэҥэ Муона алааска тахсан чинчийэр үлэни хайдах саҕалыыры, сир учаастагын дьыл кэминэн сылы быһа кэтээн көрөрү бырайыак научнай консультана Алена Вячеславовна Быстрова кэпсээтэ.

«Дьөһөгөй» бырайыак үлэтин чэрчитинэн Болугур орто оскуолатын оҕолоро «Болугур» ТХПК сылгы баазатыгар тахсан, мэччирэҥ сиригэр кыһыҥҥы сөҥүү кээмэйин ыллылар, квадрокоптерынан базаны уһуллулар, күрүө-хаһаа өрөмүөнүн үлэтигэр матырыйаал сааһылааһыныгар үлэлээтилэр.

Алтан орто оскуолатын «Дьөһөгөйдөрө» чинчийэр экспедицияларын саҕалаатылар, кэтээн көрөр, үөрэтэр сирдэрин көрдүлэр, сылгылар хаар нөҥүө хаһан сиир отторун маһынан бэлиэтээтилэр. Кыһын устата бэлиэтэммит участокка төһө сылгы аһаабытын учуоттаан, кэтээн көрөллөр. Мэччийэр сир буорун ылан анаалыстыырга бэлэмнээтилэр. Кыра бөлөх оҕолоро күөл уута таһымын кэтээтилэр.  Күн устата туһалаах сырыы буолбутуттан оҕолор астыннылар, элбэҕи биллилэр-көрдүлэр. Сайыҥҥы кэмҥэ үүнэн тахсыбыт талахтары силистэриттэн кэрдэн стадионы ыраастыырга көмөлөстүлэр, субботникка баран кэллилэр. Талах сылгылырга эбии ас буоларын биллилэр.

Чакыр орто оскуолатын «Дьөһөгөй» кулуубун иитиллээччилэрэ уонна учууталлара мэччирэҥ сирдэргэ быйылгы агроклиматическай усулуобуйа хайдах дьайбытын үөрэтэр экспедицияҕа баран кэллибит. Уопуттуур үс учаастакка: Соҕуруу бааһына, Аллараа бааһына уонна Чупчаах бааһыната (тебеневочные пастбища) хаар халыҥын, муустааҕын, уу туруутун үөрэттибит. Салгыы бу кэтээн көрөөһүннэр чинчийэр үлэ буолан тахсарыгар үлэлэһэллэр. «Дьөһөгөй» бырайыакка үлэлэһэр чинчийиилэрбитин салҕаан, сылгы турар хааччаҕар сылдьан, бэтэринээрдэр сулууспаларын үлэһиттэрин кытары сылгы ис үөнун тыыннаах сылгыга хайдах үөрэтиэхтээхтэрин билистилэр. Тыыннаах сылгыга үөннээҕин быһаарарга сылгы саахтарын хомуйан анаалыстарынан параскаридоз, стронгилятоз ыарыыларга чиничийиилэри үөрэтэн саҕалаабыттара үһүс сылыгар барда. Кэтээн көрүү түмүгүнэн бу ыарыылар сылгыга сыл аайы үөскүүллэрин бэлиэтиибиттэр. Бу ыарыылар сылгы туругун биллэ мөлтөтөллөр, аһыыр аһа иҥэмтэтэ суоҕун туоһулууллар.

“Бастакы бырайыакпыт сыалынан-соругунан уол оҕону сылгы көрүүтүгэр-харайыытыгар сыһыарыы, сылгыһыт идэтигэр уһуйуу буоллаҕына, бу иккис бырайыакпыт сылгы мэччийэр сирин, аһыыр ходуһатын чинчийии, үөрэтии, сылгыны тутуу, иитии-аһатыы ньыматын билии диэн сыаллаах-соруктаах үлэбитин бу балаҕан ыйыттан саҕалаатыбыт. «Чинчийэр үлэни ыытыы туһунан» үөрэтэр сэминээр учууталларга, төрөппүттэргэ “Дьөһөгөй” кулууп иитиллээччилэригэр ыытылынна. Оскуола салайааччыларыгар уонна оҕолорго чинчийэр үлэлэрин темаларыгар АГАТУ преподователэ, «Традиционные отрасли Севера» кафедра доцена, тыа хаһаайыстыбаларын наукаларын хандьыдаата  Алексеев Егор Денисович, география учуутала, бырайыак научнай консультана Быстрова Алена Вячеславовна, ЯНИИСХ кормопроизводство уонна астаах-отонноох култуура лабораториятын салайааччыта Елена Семёновна, Амматааҕы эдэр натуралистар станцияларын методиһэ Пестерева Никифорова Галина Александровна сүбэ-ама биэрдилэр», —  диэн бырайыак салайааччыта Феврония Владимировна Данилова кэпсиир.

О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан Амматааҕы айар сайдыы киин методиьэ Вероника АлексеевнаДавыдова

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Дьокуускайга биллиилээх психолингвист уонна полиглот Дмитрий Петров ыалдьыттыыр

Дмитрий Юрьевич Петров «Магия слов» кинигэ уонна омук тылын түргэнник  үөрэтэр учебник ааптара, үөрэх уонна…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Иван Егоров – Танаринскайга аналлаах «Дэгиттэр талаан» литературнай кэнсиэр

Мукучу нэһилиэгэр ахсынньы 20 күнүгэр литература бары көрүҥэр таһаарыылаахтык үлэлээбит суруйааччы, суруналыыс, биир дойдулаахпыт Иван…

3 часа ago
  • Сонуннар

Сарсыҥҥыттан «Дыгын оонньууларын» сүүмэрдиир түһүмэҕэ саҕаланар

Сарсын, ахсынньы 24 күнүгэр, Дьокуускайга "Өрөгөй" успуорт комплексыгар эһиилги "Дыгын оонньууларыгар" сүүмэрдиир бастакы түһүмэх ыытыллыаҕа…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тускул: «Саҥа дьыл түүн биллэ тымныйыаҕа…»

Ааһан эрэ ахсынньы ый тымныйан иһэн, эмиэ сылыйан барда. Онон бу нэдиэлэнэн ыйбытын түмүктээн, кэлэр…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

НОМОХ БУОЛБУТ ОЛОХ. Бэтиэхэлээх Бэстэрикиэби санаан кэллэххэ…

Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Петр Петрович Пестряков төрөөбүтэ 80 сыла буолла.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

“Киһи аан туома” эн остуолуҥ кинигэтинэн буолуоҕа

“Төбөкүй”, “чөмчөкө”, “мэйии тас сарыыта”, “тымырдаах хааҕы”... Хас биирдии киһи  уорганын  сахалыы өйдөбүллэрэ маннык хабааннаах…

4 часа ago