Аммаҕа коллекционердар ыһыахтаатылар

Share

Бу күннэргэ Амма улууһугар  коллекционердар  ыһыахтара ыытыллан, үгүс киһи муһунна. Тэрийээччилэринэн Болугур нэһилиэгин коллекционердарын түмсүүтэ уонна олохтоох дьаһалта буоллулар.

Марфа Ивановна салалтатынан былааннаммыт тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытыллан, араас көрдөөх күрэхтэр, оонньуулар буоллулар, эҕэрдэ нүөмэрдэр көрдөрүлүннүлэр. Былаат быыстапкатыгар былаат арааһа ыйанан,  кэлбит дьон  урукку эбээлэрбит мааныга кэтэ  сылдьыбыт  солко былааттарын тутан-хабан, көрөн астыннылар. «Дьахтар кэтэһэр ыһыаҕы саҥа былаат баанаары» диэн ыһыахпыт тиэмэтинэн эгэлгэ элбэх дьэрэкээн былаат ыһыаҕа диэн манна буолла.
Түөрт күрэх ыытылынна, барылара тус-туһунан миэстэлэрдээх. Онон кэлбит түмсүүлэр бука бары илии тутуурдаах бардылар. Күммүт итиитэ сүрдээх да буоллар Кыыс Амма ыраас уутугар сөтүөлээн, чэбдигирэн астынныбыт. Тэрээһин Амма кытылыгар анал сынньанар базаҕа ыытыллыбыта наһаа үчүгэй. Сөтүө бөҕөтүн сөтүөлээн, дуоһуйа астынныбыт.  Олохтоохтор саламаат, алаадьы, салаат, сибиэһэй ынах этиттэн миин буһаран күндүлээтилэр. Маанылаах остуолга олорон ирэ-хоро кэпсэттибит, остуол оонньуутун арааһын ыытан сэргэхсийдибит.

Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ
Хаартысканы ааптар тиксэрдэ

Кылгастык эттэххэ, тэрийээччилэргэ, чуолаан Марфа Ивановнаҕа, кини салайар түмсүүтүгэр сылдьыбыт ыалдьыттар ааттарыттан барҕа махталбын тириэрдэбин!
Туйгун доруобуйаны, дьиэ кэргэттэргитигэр этэҥҥэ буолууну,  коллекцияҕыт өссө хаҥыы турарыгар баҕарабын!

Сэргэ кыыһа Тускулаана, Амма. Болугур

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

15 часов ago