Аммаҕа Норуот айар талаанын дьиэтигэр быыстапкалар арылыннылар

Share

Бүгүн, бэс ыйын 19 күнүгэр,  Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэннэрэ, норуот маастардара, Амма улууһуттан төрүттээх Николай Рязанскай, Ньургуйаана Никифорова-Ойууна уонна Ульяна Нохсорова Ыһыах тэрээһиннэрин чэрчитинэн тус быыстапкаларын тэрийдилэр.

«Норуот маастардарыгар, худуоһунньуктарыгар  Олоҥхо ыһыаҕар маннык үчүгэй бэлэҕи оҥорбуттарыгар махталбын биллэрэбин. Николай Рязанскай Олоҥхо ыһыаҕар анаан-минээн “Удьурҕай Боотур” остуоруйа-олоҥхоҕо  анаан хартыыналары оҥордо. Маастар бу хартыыналарыгар 8 ыйы быһа үлэлээтэ. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, кини хартыыналара QR-куодтаахтар, ону баттаан,  худуоһунньук балта Наталия Рязанская ааҕыытыгар олоҥхоттон быһа тардыылары истиэххэ сөп”, — диэн СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев иһитиннэрдэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыба Аммаҕа “Амма олоҥхоһуттара архыып докумуоннарыгар” диэн көһө сылдьар быыстапканы үлэлэттэ. Онон ыһыах кыттыылаахтара уонна ыалдьыттара Амма улууһун олоҥхоһуттара: уһулуччулаах Устин Нохсоров, Тимофей Захаров-Чээбий, Мэлэк Мэхээлэ, норуот ырыаһыта Екатерина Иванова уо.д.а. докумуоннарын, суруктарын, хаартыскаларын билсиэхтэрин сөп.

Ону сэргэ манна 5 олоҥхо: «Төлөн хара аттаах Төрүөт Бэргэн», «Куруубай хааннаах Кулун куллустуур», «Айдаан буурай бухатыыр», «Оҕо улуу Ньургун бухатыыр», «Эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотох» сыыппараҕа көһөрүллүбүт тиэкистэрин көрөргө, ааҕарга кыах бэриллэр.

Санатан эттэххэ, олоҥхону сыыппараҕа көһөрүү Ил Дархан Айсен Николаев  сорудаҕынан оҥоһуллар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сиригэр 2024 сылга орто хамнас төһө буолбутуй?

Сахастат дааннайдарынан 2024 сыл тоҕус ый түмүгүнэн Саха сирин тэрилтэлэригэр балаҕан ыйыгар орто хамнас 103,2…

8 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сирин икки оройуонугар сир хамсааһына бэлиэтэммит

Бу күннэргэ Саха сирин соҕуруу өттүгэр сейсмическэй сир хамсааһына бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Геофизическай сулууспатын Саха…

20 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мииринэйгэ итирик туруктаах суоппар «Мерседенс Бенц» массыынаны кытта харсыспыт

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 6 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит.  Киин куоракка 1993 с.т. улаханнык эчэйэн…

23 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Оҕолорго «Аптаах таас» диэн саҥа кинигэ таҕыста

 “Айыы кыһата” оскуола оҕолоро суруйааччы, суруналыыс Ангелина Васильеваны-Дайыынаны кытта көрүстүлэр. Кини оҕолорго аналлаах “Аптаах таас”…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

ВИДЕО. Гиирэ успуордун Федерациятын Куубагын үөһээ бүлүүлэр ыллылар

Ахсынньы 14-15 күннэригэр  Намнааҕы култуурунай-спортивнай комплексыгар  ыытыллыбыт сылы түмүктүүр СӨ гиирэ успуордун Федерациятын Куубагын түмүгэ…

38 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускайга вандаллар эмиэ сылаас тохтобулу алдьаттылар

Бу сырыыга киин куоракка вандаллар иккис төгүлүн Гагаринскай уокурукка сылаас тохтобулу алдьаппыттар. Бу туһунан ахсынньы…

46 минут ago