Бүгүн Аммаҕа успуорт адаптивнай көрүҥнэригэр 14-с спартакиада үөрүүлээхтик аһылынна.
«Дьулуур» успуорт адаптивнай спартакиадата 2004 сыллаахха аан бастаан ыытыллыбыта. Ити кэнниттэн сыл аайы ыытыллар буолбута. Бастакы сыл 120 спортсмен кыттыбыта. 2015 сылтан икки сылга биирдэ ыытыллар буолбута.
СӨ Успуорка министиэристибэтэ 2022 сылтан бу тэрээһин статуһун үрдэппитэ. Ол эбэтэр үбүлээһинин улаатыннаран, улуустары кытыннаран, спартакиада түөрт сылга биирдэ ыытыллар буолбута. Кыттааччылар бөлөҕүнэн арахсан күрэхтэһэллэр. Ол курдук, быйылгы спартакиадаҕа 24 улуустан 1000 кэриҥэ спортсмен кыттар. Маны таһынан, суолталаах тэрээһиҥҥэ тириэньэрдэр, кэлээскэлээх спортсменнары арыаллыы сылдьар бэрэстэбииллэр кыттыыны ылаллар.
Күрэхтэһии от ыйын 13-16 күннэригэр ыытыллар Спартакиаданы Ил Дархан Айсен Николаев арыйда. Өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга тэрээһин үлэтин кыайа-хото туппут Амма улууһун олохтоохторугар истиҥ махталын тиэртэ. Айсен Сергеевич доруобуйаларынан хааччахтаах дьон сырдыкка тардыһар кэскиллээх санааларынан, олоххо дьулуурдарынан, туруоруммут соруктарын хайаан да ситиһиллэринэн биһиэхэ барыбытыгар холобур буолалларын, кинилэртэн элбэххэ үөрэнэрбитин бэлиэтээтэ.
Паралимпийскай кэмитиэт бэрэсидьиэнэ Павел Рожков эҕэрдэтин солбуйааччыта Иван Потехин тиэртэ. Улуус баһылыга Степан Кузьмин 14-с «Дьулуур» успуорт спартакиадатын ыытыыга өйөбүлүн иһин Ил Дархаҥҥа дириҥ махталын тиэртэ. Улуустартан кэлбит спортсменнарга ситиһиилэри, кыайыылары баҕарда.
Спартакиада аһыллыытын сиэригэр-туомугар Амма улууһун бары брендэ кыттыыны ылла. Ол курдук, Амма сардаанатын, дьэдьэнин, бурдугун, ыраас уутун тэҥэ эбии бэһис саҥа бренд-бэлиэ (символ) — хайа сүрэхтэниитэ буолла. Харама хайатын ис хоһооно уус-уран дьүһүйүү сүрүн көстүүнэн буолан болҕомтону тарта.
Спартакиада уотун доруобуйаларынан хааччахтаах, санааларын күүһүнэн аан дойдуга тиийэ биллибит саха аатырбыт спортсменнара бэйэ-бэйэригэр тиэрдэн испиттэрэ — долгутуулаах түгэн. Адаптивнай успуорка бэйэлэрин кыахтарын көрдөрө сылдьар спортсменнарга күн-дьыл туруга эбии кинилэри тургутар курдук буолла. Ол курдук, ардах ортотугар ылбычча киһи бириэмэҕэ сүүрбэтэ чахчы. Былыттаах халлаан доруобай да киһи туругар дьайара, охсоро биллэр. Ону ол диэбэккэ, спартакиадаҕа кыттааччылар санаалара бөҕөх, бэйэлэрин улуустарын чиэһин көмүскүү сылдьаллар.
Хаартыскаларга Е.Потоцкая түһэриилэрэ
Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон (1941, 1953, 1965, 1977, 1989, 2001, 2013 сс.) 12 сыл анараа…
СӨ Быыһыыр сулууспата түөрт эр киһини көрдүүр. Бу туһунан тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Ол курдук, ыйтан…
Ил Дархан Айсен Николаев аан дойдуга хорсун быһыытынан биллибит Ньурба байыаһа Андрей Григорьев туһунан "Комсомольская…
Дьокуускай куорат борокуратуурата интэринээт-дьиэҕэ олорор эр киһи өлбүтүнэн бэрэбиэркэни саҕалаата диэн надзорнай уорган пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…
Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, Орто Халыма улууһугар оҕолор олорсон испит массыыналара сүппүтүн туһунан СӨ Быыһыыр…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр сэттэ буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ борокуратуурата иһитиннэрэр. Дьокуускайга 53 саастаах…