Аммаҕа суоппар дьахтар бэлисипиэттээх оҕону түҥнэри көппүт
Амма улууһугар 11 саастаах бэлисипиэттээх уолу «Тойота- Ланд- Крузер» массыына суоппара түҥнэри көппүт.
Оҕонү түҥнэри көппүт суоппар дьахтар быһылаан тахсыбыт сириттэн оҕолорун ким да көрөр киһи суох диэн хаалларан барбыт. Саахал түмүгэр сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону балыыһаҕа киллэрдилэр диэн Госавтоинспекция пресс-сулууспата суруйар.
Госавтоинспекцияҕа чуолкайдаабыттарынан, суол быһылаана күнүс 15:00 чаас саҕана Амма сэлиэнньэтигэр буолбут. Оҕо суол уҥа өттүнэн бэлэсипиэдинэн айаннаан испит. Саахал тахсар кэмигэр уол анал көмүскэнэр таҥаһа-саба суох айаннаабыта быһаарылынна. Суоппар дьахтары көрдүүр үлэлэринэн буллулар. Силиэстийэ быһаарбытынан, дьахтар В, В1, категориялаах массыынаны ыытар дастабырыанньалаах, 12 сыл ыстаастаах эбит. Сыл устата биирдэ административнай эппиэтинэскэ түргэн тэтимнээхтик сырыы иһин ыстарааптаммыт.
Дьахтар кэпсииринэн суол уҥа өттүттэн бэлисипиэттээх уол эмискэ тахсыбыт, ол түмүгэр суоппар кыайан туораабакка уолу кыратык таарыйбыт уонна арыгы испэтэҕэ чуолкайданна. Суоппар дьахтарга суол быһылаана тахсыбыт сирин хаалларбытынан дьыала оҥоһулунна. Саахал чахчытынан бэрэбиэркэ ыытыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: