Аммаҕа төрүүллэр дьоллоохтор

Share

Тохсунньу 18 күнүгэр, субуотаҕа, киин куоракка  А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Аммаҕа төрүүллэр дьоллоохтор» диэн биир дойдулаахтар улахан тэрээһиннэрэ буолан ааста. 

Бу  үгүс дьону түмпүт кэрэхсэбиллээх тэрээһин  туһунан «Амма түмсүү» уопсастыбаннай тэрилтэ актыбыыһа , Эмис нэһилиэгиттэн төрүттээх «Саха» НКИХ  «Тэтим» араадьыйатын суруналыыһа Татьяна Степанованы кытта кэпсэттим.

Биллэн турар, маннык улахан тэрээһин үгүс сүүрүүнү-көтүүнү эрэйэр. Маныаха Амма улууһун түмсүүтэ ыытар үлэтэ өрүү олус тэрээһиннээх буолар. Бэлэмнэнии үлэтэ хайдах барбытай?

— Амма улууһун землячествота быйыл 30-с сылын бэрт тэрээһинннээхтик биир дойдулаахтарын түмэр үлэни көхтөөхтүк ыытар. Маныаха «Амма түмсүү» диэн Амматтан төрүттээхтэр түмсүүлэрэ улахан тиһиктээх  үлэни ыытар. Түмсүүгэ сүрүннээн Дьокуускай куоракка олорор Аммалар уонна атын улуустарга олохсуйбут биир дойдулаахтарбыт  түмсэн үлэлииллэр, сүбэлэрин холбууллар. «Амма түмсүү» араас саастаахтары, араас идэлээхтэри бэйэтин тула түмэр . Өссө бү түмсүү иһинэн эдэр ыччаттарбыт «Күндүл» диэн түмсүүлээхтэр.

Сыл аайа Аммалар киин куоракка биир дойдулаахтарбытын түмэр үс улахан тэрээһин ыытабыт. Ол курдук, күһүн аҕам саастаахтар дэкээдэлэригэр бука бары саастаах дьоммутун түмэн астаах-үөллээх сандалы тула олордон, бэлэх туттаран, ырыа-тойук бэлэхтээн чиэстиир үгэстээхпит, сайынын Туймаада ыһыаҕар «Үс Хатыҥҥа» аммалар түһүлгэлэригэр эмиэ Амматтан төрүттээхтэри кытта бары бииргэ  ыһыахтыыбыт уонна Саҥа дьыл кэннэ саамай улахан землячествоны тэрийэр үгэстээхпит. Бу тэрээһин хайдах, ханна ыытылларын «Амма түмсүү» улуус дьаһалтатын кытта  ахсынньы ыйтан саҕалаан былааннаан, торумнаан барар.   Улахан түмсүү иһинэн хас биирдии  нэһилиэк туспа эмиэ  түмсүүлээх, олор бары актыбыыстарын мунньан  сүбэлэспиттэрэ. Ол үлэ бэрт үтүө түмүктэрдээх буолла. Быйылгы тэрээһиммит сарсыарда 11 чаастан саҕаламмыта: нэһилиэк баһылыктара солбуйааччыларын кытта  икки сааланан чааһынан үллэстэн, уочаратынан куоракка олорор биир дойдулаахтарыгар быйылгы нэһилиэк үлэтин былаанын-хаамыытын билиһиннэрдилэр, атах тэпсэн олорон сүбэлэстилэр, бииргэ үлэлээһини торумнаатылар. Куоракка олорор араас эйгэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьар биир дойдулаахтара нэһилиэктэрэ сайдарын туһугар туох көмөнү оҥоруохтарын , туох үлэни ыытыахтарын туһунан сүбэлэстилэр.

— Олус бэрт  толкуй эбит. Куоракка олорор, араас тэрилтэлэргэ үлэлиир дьоҥҥут көмөлөрө өйөбүллэрэ сүҥкэн буоллаҕа. Дьыалабыай кэпсэтии кэнниттэн туох тэрээһиннэр буоллулар?

— Амма ааттаах-суоллаах эдэр көлүөнэ олоҥхоһута Юрий Борисов оҕо сылдьан суруйбут «Баабый Баатыр» олоҥхотун хореограф Марианна Ефимова 60 үбүлүөйдээх сааһыгар, айар үлэтин 30 сылыгар анаан биир дойдулаахтарыгар бэлэх уунна.

А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин киэҥ саалатыгар толору киһи мустан, айар куттаах киһибит сүргэтин олуһун көтөхтө. Бу сырдык, ыраас, музыкальнай испэктээх үҥкүү нөҥүө көрдөрүллэрин эрдэттэн истибит буолан, билиэт эрдэттэн бүппүт этэ. Наһаа дириҥ ис хоһоонноох, сахалыы тыыннаах испэктээҕи көрөн, олус астынныбыт. Амма 1 №-дээх оскуолатын оҕолоро хас да оптуоһунан кэлэн кыттыыны ыллылар.

Махтал тылларын аныыбыт улууспут урбаанньыттарыгар, чуолаан бары тэрээһиннэрбитин өйүүр урбаанньыт Руслан  Федотовка махтанабыт. Быйыл эмиэ сыллата буоларын курдук удамыр сыанаҕа Амма этэ-үүтэ, мүөтэ, дьэдьэнэ, бурдуга, быһата, “туох манна суоҕуй?” диэх курдук, дойдуларын аһын куорат олохтоохторо хото атыыластылар.

Испэктээх кэнниттэн антракт курдук иккис этээс фойетыгар  хас биирдии нэһилиэктэн, түмсүүлэртэн дойду минньигэс сахалыы аһын  астаан аҕалан биир дойдулаахтарын сүүнэ улахан тэрийбит остуолларыгар ыҥыран, анаан аһаттылар. Дойдубут аһыттан күндүлэнэн, үөлээннээхтэрбитин, өр көрсүбэтэх доҕотторбутун көрсөн, ирэ-хоро сэһэргэһэн баран, саалаҕа төттөрү киирэн үрдүк сыанаттан улууспут сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрэ сылдьар дьоммутун үөрэ-көтө айхаллаатыбыт, чиэстээтибит. «Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ» дииллэринии, аммалар бары бииргэ түмсэн, урукку өттүгэр республика таһымнаах улахан спартакиадалары , былырыын сайын үрдүк таһымнаахтык , киэҥ далааһыннаахтык Олоҥхо ыһыаҕын ыыппыппыт. Онно өйөбүл буолбут дьоммутугар махтал тыла бастыҥа ананна. Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин нэһилиэктэр дьаһалталарыгар, урбаанньыттарга уонна «Амма түмсүүгэ»  «Аммаҕа төрүүллэр дьоллоохтор» диэн бэртээхэй тэрээһини үрдүк таһымнаахтык тэрийбиттэригэр  истиҥ махталын тиэртэ.

А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин салалтатыгар, чуолаан аммалар биир дойдулаахпыт Александра Сибиряковаҕа киин куорат биир саамай улахан уораҕайыгар сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үтүөкэннээх дьоро күнү тэрийэрбитигэр кыаҕы биэрбитигэр олус истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Чиэстээһин , наҕараадалааһын кэннэ Амма кэрэ куоластаахтаахтарын , айар талааннаахтарын кэнсиэрэ ньиргийдэ. Эдэрдиин-эмэнниин бу тэрээһини дьоһуннаахтык ыытарга сүҥкэн көмөнү оҥордулар. Ол курдук, Амма улууһун устудьуоннарын «Күндүл» түмсүүтэ бары үлэни ситэрсэн-оһорсон, түргэн-тарҕан илии-атах буолан тэрийээччилэргэ улахан өйөбүлүнэн буоллулар. Баяҥҥа доҕуһуоллаан, үҥкүүнү-битиини тэрийбит Афанасий Томскайга эдэр саастарын санаппытыгар эмиэ үгүс киһи махтанна.

Өр кэмҥэ биир дойдулаахтарбытын  «Амма түмсүү» тула күүскэ түмпүт, түмсүү нөҥүө улуус сайдыытыгар сүҥкэн үлэни ыыппыт киһибитинэн Ньургуйаана Илларионова буолар. Кини кэнниттэн быйыл иккис сылын түмсүүнү кэскиллээх ыччаппыт Александр Кузьмин салайа сылдьар. Кини Арассыыйатааҕы «Бастыҥнар» Оҕо уонна ыччат хамсааһынын Саха сирин салаатын салайааччытын солбуйааччы буолан, салайар үлэҕэ уопуттаах киһи. Ол аммалар дьоро киэһэлэригэр көһүннэ.

Ити курдук, аммалар биир санаалаах, толкуйдаах төрөөбүт дойдубутугар  бэриниилээх буолан,  өрөспүүбүлүкэ таһымнаах улахан тэрээһиннэри кыайа-хото ситиһиилээхтик тэрийдибит , улахан кыһалҕалары бииргэ түмсэн быһаарабыт, ханнык да да ыарахаттарга улахан оруолу түмсүүлээх, биир санаалаах, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх,  буолуу кыайар эбит. Ол курдук анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарбытыгар көмөлөһөр Римма Алексеева салайар «Амарах сүрэх» хамсааһын үлэтигэр эмиэ түмсүүнэн улахан көмөлөр оҥоһулла тураллар. Быйыл Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан култуура киинин кэнсиэрдиир саалатыгар турбут хореографическай испэктээктэн, кэнсиэртэн киирбит үп-харчы  анал байыаннай дьайыыга, кыайыыны уһансыыга диэн көмө быһыытынан барда.

Бу тэрээһиҥҥэ хас биирдии киһи «дойдум туһа» диэн сүүрэн-көтөн, тус бэйэтинэн кыттан, Амма  күннэтэ үүнэр-сайдар. Кырдьык да түмсүүлээх, өйөһөр-өйдөһөр, күүс -көмө буолар аламаҕай санаалаах дьоннордоох буолан дьоллоохтук сананаҕын, ол иһин быйылгы тэрээһиммит «Аммаҕа төрүүллэр дьоллоохтор» диэн ааттаныан ааттанна.

… Ити курдук, Амма улууһун землячествота 2025 сылга бастакы тэрээһиннээх үлэтин бар дьонун түмэн, бэрт далааһыннаахтык саҕалаата. Өрөспүүбүлүкэҕэ үтүөкэннээх холобуру көрдөрбүт биир дойдулаахтар түмсүүлэрэ мантан инньэ өссө да үгүс дьону-сэргэни түмэр тэрээһиннэри тэрийиэхтэрэ.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Хатаска мас-рестлиҥҥэ Дьокуускай чөмпүйэнээтэ ыытыллыаҕа

Тохсунньу 25 күнүгэр Хатаска "Көмүс мас" мас-рестлиҥҥэ күрэхтэһии ыытыллыаҕа. Бу күрэхтэһии Дьокуускай аһаҕас чөмпүйэнээтин быһыытынан…

2 часа ago
  • Бэрээдэк

Арыгылаары, доҕорун бэлисипиэдин уорбут

Дьокуускайдааҕы ИДьМ 3-с №-дээх салаатыгар олохтоох киһи 45 тыһ. солк. суумалаах бэлисипиэдин уордарбытын туһунан иһитиннэрбит.…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Дальний Восток — земля приключений» куонкурус туризм сайдыытыгар көмөлөһөр

РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы -- Уһук Илиҥҥэ РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев "Россия 24"…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Өлөөҥҥө тохсунньу ый тымныйда

Өлөөн улууһугар  тохсунньу ыйы быһа тымныы күн-дьыл турар. Ол курдук, ахсынньы ый бүтүүтэ кыһын баарын…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Чурапчы норуодунай тыйаатырын 70-ус сс. ыччаттарын ахтан-санаан ааһыахха

РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа П.М.Решетников аатынан Чурапчы норуодунай тыйаатырыгар 70-ус сылларга үлэлээбит ыччаттары…

4 часа ago
  • Бэрээдэк

Ньурбаҕа эр киһи кыыһыран баран, таҥас сууйар массыынаны алдьаппыт

Ньурба оройуоннааҕы ИДьМ салаатыгар олохтоох дьахтар төлөпүөннээн, бииргэ олорор киһитэ кыыһыран баран, дьиэ иһинээҕи малы-салы…

4 часа ago