Аммаҕа тирэх пуун волонтердарын көрүстүлэр
Аммаҕа сэтинньи 17 күнүгэр байыаннай дьайыы тирэх пуунугар волонтерынан үлэлии сылдьар биир дойдулаахтарын Геннадий Алексеевы, Василий Швердины кытта «Амарах сүрэх» уопсастыбаннай хамсааһын штабыгар көрүстүлэр.
Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин, дьокутааттар сэбиэттэрин бэрэссээдэтэллэрэ Владимир Колосов, баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова, «Амарах сүрэх» салайааччыта Римма Алексеева, уопсастыбанньыктар Анна Александрова, Аграфена Иванова, Марина Кулева, Анна Слепцова, Ольга Федорова, Парасковья Федорова, Надежда Шараборина кыттыыны ыллылар.
Волонтердар быстах уоппускаларыгар дойдуларыгар сынньана, күүс-уох ылына кэлэ сылдьаллар. Кинилэр Украинаҕа буола турар быһыыны-майгыны эт харахтарынан көрө сылдьар дьон быһыытынан саллааттарга көмө оҥоруутун туһунан элбэҕи кэпсээтилэр. Ол курдук, күн бүгүн сылаас таҥас, байыаннай тиэхиньикэ, массыына наадатын эттилэр. Маскировочнай сиэккэлэр улахан туһалаахтарын туһунан эттилэр уонна сиэккэни өрүү ньымаларыгар сүбэлэрин биэрдилэр. Кэпсэтиигэ Петр Лебедев волонтер быһыытынан ыыта сылдьар үлэтэ бүгүн олус таһаарыылааҕа элбэхтэ ахтылынна.
Бу ахсынньы ый саҥатыгар байыаннай дьайыы саллааттарыгар барыахтаах Амма улууһун салалтатыгар сүбэ- ама биэрдилэр, күн бүгүн ордук саллааттарга туох наадатын эттилэр. «Амарах сүрэхтэр» сиэккэлэрин өрүүтүн көрдүлэр бары ыытар үлэлэрин кэрэхсээтилэр, махтаннылар. Ол курдук, Римма Васильевна этиитинэн от ыйын 22 күнүттэн 100 киилэ илим уонна 700 миэтэрэ таҥаһынан маскировочнай сиэккэ өрүллэн байыаннай дьайыыга ыытыллыбыт. Бу тыыл үлэтэ Кыайыы кэлэригэр сүҥкэн күүс буолара саарбаҕа суох.
Улуус баһылыга Степан Кузьмин Геннадий Алексеевка уонна Василий Швердинҥэ «Амма киэн туттуута’ бочуоттаах бэлиэни дохсун илии таһыныы ортотугар туттарда. Ону кытта Амма бастакы нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ оҥорбут «Амма боотуругар алгыһынан» сувениры бэлэхтээтэ. Саллаат төрөппүттэрэ, Анна уонна Дмитрий Слепцовтар дьиэ кэргэннэрэ, махтанан туран бэлэх туттардылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: