Аммаҕа, Уус Маайаҕа бэйдиэ сылдьар ыттары тутуу үлэтин күүһүрдүөхтэрэ
Ахсынньы саҥата Амма улууһун бэтэринээринэй салаатын салайааччыта Василий Бураев Уус Маайа оройуонун филиалыгар баран, улуус баһылыгын солбуйааччы Михаил Дьячковскайы уонна Уус Маайа бөһүөлэгин баһылыга Дмитрий Малишевскайдыын көрсүбүтэ.
Бу көрсүһүүгэ кинилэр бэтэринээринэй сулууспа инники сайдыытын, үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсэтэн, ону сэргэ ыттары тутар пуун тутуутун торумнаабыттара. Ол курдук, номнуо тутуллан саҕаламмыт ыттары тутар пуун кэлэр сыл сааһыгар үлэҕэ киирэрэ былааннанар эбит. Маны сэргэ бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга үлэни күүһүрдүү уонна бу боппуруоһу Амма улууһугар тэрийиигэ Уус Маайа улууһун кытта уопсай сугулааны тэрийии туһунан быһаарыныы ылыммыттара.
Василий Бураев Уус Маайа улууһун бэтэринээринэй сулууспатын үлэтин-хамнаһын бэлиэтээн, махтал суруктары, бочуотунай грамоталары туттарбыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: