Аммаҕа, Уус Маайаҕа бэйдиэ сылдьар ыттары тутуу үлэтин күүһүрдүөхтэрэ

Share

Ахсынньы  саҥата Амма улууһун бэтэринээринэй салаатын салайааччыта Василий Бураев Уус Маайа оройуонун филиалыгар баран,  улуус баһылыгын солбуйааччы Михаил Дьячковскайы уонна Уус Маайа бөһүөлэгин баһылыга Дмитрий Малишевскайдыын көрсүбүтэ.

Бу көрсүһүүгэ кинилэр бэтэринээринэй сулууспа инники сайдыытын, үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсэтэн, ону сэргэ ыттары тутар пуун тутуутун торумнаабыттара. Ол курдук, номнуо тутуллан саҕаламмыт ыттары тутар пуун кэлэр  сыл сааһыгар үлэҕэ киирэрэ былааннанар эбит. Маны сэргэ бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга үлэни күүһүрдүү уонна бу боппуруоһу Амма улууһугар тэрийиигэ Уус Маайа улууһун кытта уопсай сугулааны тэрийии туһунан быһаарыныы ылыммыттара.

Василий Бураев Уус Маайа улууһун бэтэринээринэй сулууспатын  үлэтин-хамнаһын бэлиэтээн, махтал суруктары, бочуотунай грамоталары туттарбыта.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

54 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

1 час ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

2 часа ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

2 часа ago