Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын «Сэһэн түһүлгэтэ»

Share

Кэрэ айылҕалаах кыыс Амма улууһугар  Олоҥхо ыһыаҕын  бырагыраамата  «Саҥарар саҥам сататын сабаҕалаан, этэр тылым эридьиэстээн» тосхолунан  ыытылынна. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ассоциациятын салайааччыта Ф.В. Шишигина «Айгы ситимэ»  түмсүү  Олоҥхо ыһыаҕар «Сэһэн түһүлгэтин»  ыытарбытыгар  көрдөспүтэ, ыччаты иитиигэ үлэлээбит уопуттаах салайааччы быһыытынан, кэлэр көлүөнэҕэ ыһыах сүрүн өйдөбүлүн, идеятын, түстээн тиэрдэр баҕатын эппитэ.

Манна даҕатан эттэххэ, былырыын Феврония Васильевна дьаһалынан¸ Өймөкөөҥҥө буолбут ыһыахха атыыһыт-меценат Н.О.Кривошапкин үтүө аатын үйэтитэргэ «Кэлэр кэм кэрэһиттэрэ» сэһэн-сэппэн түһүлгэни тэрийбиппит. А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй  Айыы үөрэҕин төрдө буолбут «Сайын кэлиитэ» айымньы  суруллубута  быйыл 2024 сылга 100 сыла буолла.

Александр Протодъяконов (түмсүүбүт салайааччыта), Аля Аммосова уонна мин ыһыах буолар күнүн иннинэ Аммаҕа айаннаан тиийэммит, тэрийээччилэр бэлэмнээбит коррекционнай интэринээт дьиэтигэр түспүппүт.

«Кут Сүр» кыһа түсчүтэ, сэһэнньитэ А.Н.Павловы-Дабылы кытта сэһэнньит учуонайдар А.С.Саввинов, Нь.П. Лазарев кэлбиттэр этэ. Ассоциация салайааччыта барыбытын түмэн, сэһэн хайдах барарын туһунан сүбэлэстибит.

А.С.Саввинов:

— Ханнык баҕарар ыһыахха сэһэн түһүлгэтэ баар буолуохтаах. Үс сыллааҕыта сэһэн түһүлгэтин Намҥа саҕалаабыппыт. Ыһыах тэрээһинэ Айыы санаа тула барыахтаах.

 А.Н. Павлов-Дабыл:

— Ыһыах сүрүн соруга – күрэхтэһиинэн дуоһуйуу буолбакка, өйү-санааны чочуйуу буолар. Ыһыаҕы ким ыспытай? Тоҕо ыспытай?… Эллэй Боотур Айыыларга хайыһаары, Иччилэргэ сүгүрүйээри ыһыах ыспыта. Норуоту онно туһаайар баҕаттан. Былыргыттан ыһыаҕы арыйааччылар – сэһэнньиттэр. Кинилэр норуот муудараһын тута сылдьаллар. Олоҥхоҕо, ыһыахха Айыы санааны олохтообут соҕотох Эллэй Боотур буолар. Онон кинини өрө тутуу олохтонуохтаах, сарсыҥҥылаах улахан санааны түстүөхтээхпит. Инникитин буолар олоҥхо ыһыахтарыгар Алгыс кэнниттэн Эллэй Боотур маҥан акка олорон илиитигэр Алгыс бэлиэлээх (үнүгэс-ил) киирэрин ситиһиэххэ. Оччотугар норуот сиэрин-майгытын кээмэйэ үрдүөҕэ, үүннээх-тэһииннээх буолуоҕа. Сээркээн Сэһэн уобараһа олоруохтаах. Ону өй-санаа төрдө буолбут сэһэнньит олордор. Айыы санаа холумтанын туомун оҥоруохпут. Манна сэһэнньити көрсүү, олордуу сиэрин-туомун оҥорорбутугар Айыы быатын туталларыгар 7 уол, 7 кыыс баар буолуохтаахтар. Дьиэ кэргэн, эдэр ыал холумтаннаах буоларын өйдөөтүбүт. Сээркээн сэһэнньити эр киһи чорооҥҥо кымыстаах, дьахтар кытыйаҕа алаадьылаах айах тутан көрсөллөр. Күрүөнү арыйан Айыы холумтанын олордон баран, күрүөнү сабаллар. Дабыл сатанар буоллаҕына,  табыллыаҕа диэн түмүктээбитэ.

Сэһэн түһүлгэбит ис хоһооно ити курдук буолан таҕыста. Феврония Васильевна «Кут Сүр» кыһа уонна  «Күөрэгэй» уопсастыбаннай түмсүүлэр үлэлэрин сүрүннээн «Сэһэн түһүлгэҕэ» ыытарбытын туһаайбыта. Биир бэйэм  Эллэй Боотуру олус чугастык ылынабын. «Төлкө» уол оҕону төрүт үгэскэ уһуйар уһуйааҥҥа уонна күн бүгүҥҥэ диэри айар-тутар үлэбэр  Эллэй Боотур уобараһын уонна Айыы Үөрэҕин ньымаларынан сирдэтэбин уонна туһанабын. Ыһыахха бу өйдөбүл олохтонноҕуна, кэлэр кэнчээри ыччаппыт Айыы дьоно буола улааталларыгар улахан тирэх буолуо этэ.

Бэс ыйын 20 күнүгэр Амма бөһүөлэгин кытыытыгар, күөх солко хатыҥ чараҥ быыһыгар турар  Муона Чараҥа диэн  кэрэ сиргэ ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар Сахабыт сирин улуустарыттан кэлбит дьон сүргэлэрэ көтөҕүллэн тоҕуоруһа мустубуттар, анал сиэдэрэй көстүүлээх түһүлгэлэртэн ырыа-тойук иһиллэр. Амма олохтоохторо, тэрийээччилэр бука бары Олоҥхо ыһыаҕа үчүгэйдик ааһарын туһугар сүүрэр-көтөр үтүө санааларын тыына биллэр.

Саха киһитэ кутунан-сүрүнэн кэпсэтэр диэн баар.  Алябыныын, Александрбыныын үгүс саҥата суох быһаарсабыт, өйдөһөбүт. Кинилэр улахан санаа тутулун сүрэхтэринэн өйдүүллэр, ылыналлар. Киин түһүлгэ аттынан ааһан иһэммин орто сүһүөх оҕолоро күөх окко олороллорун сөбүлүү көрдүм. Үөһээ Бүлүү Д.С. Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх оскуолатын «Дьэрэкээн» фольклорнай бөлөх оҕолоро буолан биэрдилэр (салайааччылара В.В.Семенова, учууталлара А.А.Корякина). «Дьэрэкээннэр»   туомҥа  арыалдьыт буоларга бэрт кэбэҕэстик сөбүлэспиттэрэ.

Анатолий Николаевич томторго турар «Мин Аммабын таптыыбын» сурук  анныгар сыырынньаҕа үмүөрүһэ үүммүт эдэр хатыҥнар аттыларыгар Айыы холумтанын олордуу туомун оҥорор миэстэтин булбут этэ. Онон «Сэһэн түһүлгэбит» түстэнэр сиринэн буолла. Александр, Аля Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр бөлөҕүн кытта ыкса үлэлээннэр, аппаратураны, остуолу, ыскамыайкалары түһүлгэҕэ туруорбуттара. Амма Эмиһин Култууратын дьиэтин дириэктэрэ А.А.Иванова улахан өйөбүл оҥорбутугар махтанабыт.   Чурапчы Бахсытыттан сылдьар, дойдутугар Айыы балаҕана тутулларыгар көмөлөспүт, үлэтин ис хоһоонугар сүрүннэһэ сылдьар Л.И. Барашкова-Күн Чөмчүүк саҥа алгыс чороону уонна кытыйаны атыылаһан аҕалан, бу иһиттэрбин иччилиибин, холлумтаҥҥа туттун диэн уларсыбыта.

Дабыл үс күрүөттэн тахсар  Айыы суолун быатын бэлэмнээбит. Эдэр ийэлэр «Күөрэгэй» түмсүүлэрин кыттыылаахтара, Амма эдэр ыччата, сэҥээрээччи дьон кэлбиттэр. «Дьэрэкээн» бөлөхпүт бааллар, кинилэр үөрэнэр 4-с нүөмэрдээх оскуолалара, уруккута И.Барахов аатынан оскуола турбут, тиэргэнигэр тутуллубут. Ол былыргы оскуолаҕа сэһэнньиппит Анатолий Николаевич үөрэммит эбит, төрөөбүт сириттэн эрэкэ-дьэрэкэ оҕолоро кэлбиттэриттэн олус үөрдэ, маннык түгэн мээнэҕэ буолбат. Учууталлара Айаана Афанасьевна:

— Олус суолталаах тэрээһин, оҕолорум саҥа тиктэрбит сахалыы таҥастарын кэтиэхтэрин баҕараллар, — диэбитигэр: “Саҕаланара аҕыйах мүнүүтэ хаалла, ити таҥаскытынан сылдьын ээ”, — диэтим. Арай, өйдөөн көрбүтүм, атах тиҥэлэхтэрэ биирдэ элэс гынан аастылар, кыыстыын-уоллуун сыыр аннынан улахан кырдал түгэҕин диэки   түргэн үлүгэрдик сүүрэкэлии турдулар. Онтон чочумча буолаат,   таҥастарын туппутунан, бу баар буола оҕустулар. Көрө түспүппүт, оҕолорбут бары мап-маанылар. Барыта уу-чуумпу, улахан ыгыллыы суох. Оҥоһуллуохтаах оҥоһулла турарын курдук. Дабыл үс күрүө бастакы, иккис, үһүс сүлдьүгэстэрин Алгыс тылынан этэрин арыалдьыт оҕолор хатылаан истилэр. Күрүө аһыллыбытын кэннэ «Күөрэгэй» түмсүү салайааччыта Сардаана Афанасьева кытыйаҕа алаадьылаах, «Айгы ситимэ» салайааччыта Александр Протодъяконов чорооҥҥо кымыстаах Айыы суолунан хааман киирэннэр, сэһэнньити күндүлээтилэр. Өй-санаа сэттэ төрдө буолбут сэһэнньиппит  сандалыга турар сэттэ маллаах Айыы холумтаныгар уурда,  чороонноох кымыһы илиитин ис өттүнэн кыра чорооҥҥо кутта. Анатолий Николаевич кытыйаны    «Кут уйата» диэн ааттаан, онно баар алаадьыттан үһү ылан Айыы холумтаныгар баар кытыйаҕа: өбүгэлэрбэр, оҕолорбор, сиэннэрбэр диэн өлүүлээн уурда. Салгыы Айыы холумтанын сэттэ малын туһунан  (олбох, көмүлүөк, сэргэ, чороон, кытыйа, дэйбиир, чуораан) билиһиннэрэн сэһэргээтэ. Сэһэни көрсүү сиэрэ-туома олохсуйда,  Олоҥхо ыһыаҕын Айыы холумтана олохтонно. Сэһэнньит А.С.Саввинов Алгыстаах санаатынан түһүлгэни бигэргэттэ.

«Сэһэн түһүлгэтин» тэһиинин Александр Протодъяконов тутта.   «Күөрэгэйдэр» түмсүүлэрэ Дьокуускайтан, Сунтаартан, Ленскэйтэн, Мииринэйтэн кэлэннэр айар-тутар үлэлэрин туһунан сэһэргээтилэр. Өрөспүүбүлүкэ  араас улуустарын ийэлэрэ оҕону хайдах иитии, бэйэни  сайыннарыы, олоҕу тупсарыы туһунан санаа, уопут атастаһар кэпсэтиилэрэ  бэрт сэргэхтик ааста. Чурапчы Чакырын баһылыга К.И. Лебедев кэлэн  кыттыыны ылан,  үтүө сүбэлэри биэрэн сэргэхситтэ. Амма эдэр ыччата саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри олороннор көрдүлэр- иһиттилэр. Улахан кылааска үөрэнэбит диэбиттэрэ, кинилэри кытта үчүгэйдик билсибэккэ хаалбыппын. Түһүлгэбитигэр кэлбит дьон төрүт өйдөбүл тула санааларын аһаҕастык эттилэр, кырыымпаҕа оонньоотулар, норуот ырыата ылланна, тойук туойулунна.

Иккис күҥҥэ, бэс ыйын 21 күнүгэр, Эллэй Боотур дуоҕатын  тутан киириитин оҥордубут. Олоҥхо ыһыаҕын эйгэтэ барытыгар көмөлөһө турар курдуга. Александр Протодъяков  маҕаһыынтан былаахха сөптөөх маҕан таҥаһы, кырааска атыылаһан  кэлбитэ. Киниэхэ анаан маҕаһыыны аһан биэрбиттэр.  Ньургун Лазарев дуоҕа Алгыс бэлиэтин уруһуйдаата. Аля Аммосова маҕан аты буллум диэн үөртэ. Баҕардахха, туох барыта көстөн иһэр дииллэрэ  кырдьык. Аттаах киһибит Амма лесничествотыгар Бөтүҥ учаастагар үлэлиир Е.А.Борисов эбит. Кини ыһыахха уруккуттан атынан сылдьарын сөбүлүүрүн эттэ, ат наада диэбиттэригэр киирбитим диир. Ыраах Канадаттан Александра Михайловна дьүөгэтэ урбаанньыт-уопсастыбанньык О.В.Новгородоваҕа тиийэн сэһэргээрин диэн Аляҕа эппит этэ. Кыыһым киниэхэ төлөпүөнүнэн эрийэн алаадьы, быыппах көрдөөбүтүгэр, тута  биһиги түһүлгэбитигэр үөрүү кынаттаах ыыппыта, өссө бакыакка быһыллыбыт килиэптэр бааллара. Оксана Викторовна Амма бурдугунан оҥоһуллубут килиэби Айыы дьөһөгөйгүтүн күндүлээн диэн тиэрдибит Айыы санаатын толорбуппут.

Эллэй Боотурбутугар эр киһи мааны саха таҥаһын Нерюнгри «Саха аймах» уопсастыбаннай түмсүү иистэнньэҥнэрэ  уларсыбаттара биир дьикти түгэн буолан таҕыста. Сэһэнньиппит Дабыл Эллэй Боотур дуоҕатын туомун Аал луук маһын анныгар оҥордо. Сэркээн сэһэнньиттэрбит А.Н.Павлов-Дабыл, Саввинов А.С., Лазарев Н.П. Айыы санаа туһунан сэһэргээтилэр.

Айыы санааны Олоҥхо ыһыаҕар олохтообут Эллэй Боотур дуоҕатын Александр Протодъяконов маҥан акка олорон  түһүлгэҕэ киллэрбитэ. Александр «Өбүгэ суолунан»  бырайыагынан Таатта, Чурапчы ытык алаастарынан сатыы хааман сылдьан, онтон Аммаҕа кэлиитэ  12 хонуга буолбутун биир мөһүлгэҕэ (цикл) тэҥнээтим. Толору эргиир.  Чурапчы Арыылааҕар хааман тиийэн Кулаковскай “Ийэ Кут” сэргэтин  туруорбутун 120 сылын бэлиэтиир үтүө тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыта. Онно ыраах  Өймөкөөнтөн ыалдьыттар кэлбиттэр, ситим үлэтэ бара турар. Онон Александр салгын кутунан салайтаран, Ийэ кутунан иитиллэн, буор кутунан бөҕөргөөн, өйдүүн-санаалыын, эттиин-сиинниин чочуллан,  бу Айыы бэлиэлээх дуоҕаны тутарыгар Айыыларбыт суоллаан биэрбит курдуктар. Сэһэнньиппит Анатолий Николаевич дуоҕалаах уолбутун  Эллэй Боотур уобараһынан көрөн, түһүлгэҕэ кэлбит дьонунан уруйдатта-айхаллатта.

Ол кэнниттэн Айыы дуоҕатын бэлиэтин Амма улууһун Далбар хотунугар, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр бэйиэт  Саргылаана Гольдероваҕа-Саргы Куоҕа үөрэн-көтөн  туран туттарбыта. Саргылаана бу түгэни олус дириҥник ылынан суолталаабыта, махтаммыта.

“Сэһэн түһүлгэ” олоҥхо быраманыттан саҕаламмыт утуму тутта. Түһүлгэҕэ кэлбит дьон-сэргэ сэҥээрбиттэрин үтүө тылынан биллэрбиттэрэ. Нерюнгрига  И.И. Кузьмина салайар  «Саха аймах» түмсүү  үлэлээбитэ 40-чэ сыл буолбут, эһиилги Олоҥхо  ыһыаҕа кинилэргэ ыытыллар. «Саха аймах»  биһиги түмсүүбүтүн кытары ыкса үлэлиир баҕа санаалаҕын эттэ.

Айыы аймахха аан бастаан Ыһыах олохтоон Айыы санааны сахпыт Эллэй Боотурбут Айыы бэлиэлээх дуоҕата Олоҥхобут ыһыаҕар өрө тутулуннун! Норуот быһыытынан үйэбит уһаатын, айгылаах олохпут аартыга арыллан сандааран истин!

Анна ХОЛМОГОРОВА, этнопедагог, культуролог, «Айгы ситимэ» түмсүү.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

5 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

1 час ago
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

2 часа ago