Аммалар Августина Филипповаҕа ураты бэлэҕи туттардылар

Share

Бэҕэһээ, ахсынньы 26 күнүгэр, Августина Филиппова айар киэһэтигэр Амма делегацията эҕэрдэлии кэлэн, ураты эриэккэс бэлэҕи Амма улууһун бочуоттаах гражданиныгар туттарда.

Ол курдук, улуус баһылыгын социальнай эйгэҕэ солбуйааччы Ньургуйаана Илларионова, улуус култуураҕа управлениятын начаалынньыга Иван Иванов, Болугур нэһилиэгин баһылыга Андрей Петров, Амма тимир уустарын түмсүүтүн салайааччыта Роман Алексеев уонна норуот маастара Валентина Стручкова -Сарыада уус үрүҥ көмүс кыптыыйы көрөөччүлэр дохсун ытыстарын тыаһын ортотугар туттардылар.

Хаартыска: Мичил Яковлев
Хаартыска: Мичил Яковлев
Хаартыска: Мичил Яковлев
Хаартыска: Мичил Яковлев

Өр толкуйдаан баран аммалар Кулун атах култууратын кытта сибээстээн Сырдык сириттэн Саха сиригэр бастакы булуллубут кыптыый моһуонунан амматтан төрүттээх, тимир уустарын союзтарын бэрэссэдээтэлэ Александр Терентьев — Айгын уус угун удьурҕайдаан, үрүҥ көмүстээн оҥорбут эсклюзивнай кыптыыйын бары баҕа санаа кэрэтин баҕаран туран туттардылар.

Эһиил ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар Аммалар тимир уустарын күрэҕэр Кулун атахтарын тимир уустарыгар сүгүрүүйүү бэлиэтинэн кыптыыйы оҥорууну киллэрбиттэрин этэн тураннар Августина Николаевнаны уонна кини дьоро киэһэтигэр кэлбит дьону бука барыларын эһиилги Олоҥхо Ыһыаҕар ыҥырдылар.

Улахан иис — уус куттаах, кэрэни эрэ саҕар Далбар хотуммутугар аммалар бэлэхтэрэ тугунан да кэмнэммэт үйэлэргэ кэпсэнэр, хараллар, ууруллар бэлэх буолбутун Августина Николаевна бэлиэтээн дьонноругар махтанна.

What’s your Reaction?
+1
22
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

2 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ханна ноҕурууска улаханый?

Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…

3 часа ago