Аммалар доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо анал тэрээһин тэрийдилэр
Бу күннэргэ Аммаҕа доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо улуустарыгар национальнай көстүүм куонкуруһа ыытылынна.
Тэрээһин Арассыыйатааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын 35 сылыгар ананна. Улуустааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, куонкурус тэрийээччилэрэ — култуура уонна ыччат управлениелара сүрүн соруктарынан төрүт үгэһи харыстааһын, саха норуотун абыычайын, сиэрин-туомун тутуһууну, саха национальнай таҥаһын, култуурунай-историческай нэһилиэстибэтин үйэтитии.
Куонкуруска 55 саастарыттан үөһэ саастаах дьон кыттыыны ыллылар. Тэрээһин кыттыылаахтара дьүүллүүр сүбэҕэ саха аһын, ону тэҥэ сайыҥҥы уонна кыһыҥҥы көстүүмнэри билиһиннэрдилэр. Маны таһынан, айар куттаах дьон бэйэлэрэ оҥорбут оҥоһуктарынан быыстапка тэрийдилэр. Кыайыылаахтар улуус бочуоттаах кырааматаларынан уонна сыаналаах бириистэринэн бэлиэтэннилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: