Салгыы
Аммалар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийиигэ уонна ыытыыга кылааттарын киллэрбит дьонноругар махтаннылар

Аммалар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийиигэ уонна ыытыыга кылааттарын киллэрбит дьонноругар махтаннылар

10.07.2024, 21:34
Хаартыска уонна видео -- Елена Потоцкая.
Бөлөххө киир:

Бүгүн  үөрүүлээх быһыыга-майгыга Амма улууһугар ыытыллыбыт 17-с Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһинигэр сүүрбүт-көппүт дьону түмэн, улуус салалтата анаан махтанна, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарда.

Тэрээһини СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников эҕэрдэ тылынан саҕалаата:

Аммалар барыга бары өрүү көхтөөхтөрүнэн аатыраллар. Онон  бу улуус дьоно-сэргэтэ түмсүүлээҕэ, сонун сүүрээннэри олоххо киллэриигэ инники күөҥҥэ иһэллэрэ быйыл Кыыс Амма сиригэр ыһыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар толору бигэргэннэ. Ол курдук, быйылгы ыһыахха олус элбэх сонун тэрээһин аан бастаан ыытылынна, саҥа тутуу арааһа дьэндэйдэ. Саамай кылаабынайа, олоҥхо ыһыаҕар сылдьыбыт ыалдьыт бары астынан, үөрэн-көтөн барда, — диэн бэлиэтээтэ Сергей Местников.

Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, СѲ Баhылыгын иhинэн Олоҥхо иккис Уон сылын бэлэмнээhиҥҥэ уонна ыытыыга национальнай тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков “Аммаҕа ыһыллыбыт 17-с Олоҥхо ыһыаҕа табылынна, олус үрдүк таһымнаахтык ыытылынна. Онно хайаларынааҕар да кыһаллыбыт дьонунан аммалар бэйэҕит буолаҕыт. Хайдахтаах да тэрээһин, өскө дьон санаата кэлэн, бэйэтэ сүүрбэтэҕинэ-көппөтөҕүнэ, ис иһиттэн кыһаллан түбүгүрбэтэҕинэ, кыаллыбат. Онон, аммалар Олоҥхо ыһыаҕын кыайа-хото ыытыахтара диэн эрэнэр этибит”  диэн бэлиэтээтэ.

СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев14 нэһилиэктээх Амма улууһун дьоно-сэргэтэ Кулун Атах култууратын сөргүтэн, туой, туос, мас, тимир  уустарын оҥоһуктарын үйэтиттэ. Онон бу кэнниттэн кэлэр Олоҥхо ыһыахтара онно  тирэҕириэхтээхтэр уонна бу соругу салгыахтаахтар” диэн сүрүн болҕомтону туһаайда. Салгыы миниистир Михаил Носов саҕаттан саха таҥаһа сөргүтүллүбүтүн, 1944 сыллаах Улуу Кыайыы иннинээҕи ыһыаҕы аммалар көҕүлээбиттэрэ мээнэҕэ буолбатаҕын, Олоҥхо ыһыаҕын ыалдьыттарын көрсүү улуу олоҥхоһуттар үөскээбит Эмис нэһилиэгиттэн саҕаламмытын, Алтан нэһилиэгин маастара Сергей Неустроев кырыымпата Олоҥхо ыһыаҕын аатырдыбытын, урукку ыһыахтарга олоҥхолообут оҕолор быйылгы ыһыахха ыччат олоҥхоһуттар кэккэлэрин хаҥатан, ааттара дорҕоонноохтук ааттаммытын, оҕо кыттааччы элбээбитэ харахха быраҕылларын эттэ.  «Биир ураты көстүү – быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар Аммаҕа олохсуйбут нууччалар уонна сахалар доҕордоһууларын бигэргэтэн, Алдан оройуонуттан фольклорнай ансаамбыл кэлэн кыттыбыта буолар. Бу Алдан оройуонугар олоҥхо ыһыаҕын ыытыы түмүгэ”  диэн анаан бэлиэтээтэ.

Тэрээһин кэнниттэн Амма улууһун баһылыгын солбуйааччы, Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийиини сүрүннээччи Ньургуйаана Илларионованы кытта кэпсэттим.

Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһун Сордоҥноох нэһилиэгиттэн төрүттээх СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, У.Г. Нохсоров аатынан Абаҕатааҕы култуура киинин дириэктэрэ Екатерина Яковлева санаатын маннык үллэһиннэ:

Амма улууһун Болугур нэһилиэгин М.А. Ноговицын аатынан култуура киинин уус-уран салайааччыта,  култуура туйгуна Евдокия Платонова үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттыытын, Олоҥхо ыһыаҕар кини нэһилиэгэ туох кыллааттааҕын туһунан маннык кэпсээтэ:

Бүгүҥҥү үөрүүлээх тэрээһин саҕаланыытыгар Эмис нэһилиэгин землячествотын салайааччыта Людмила Николаева салайааччылаах далбар хотуттар мааны остуол тэрийэн, ыалдьыттары көрсүүлэрэ — аммалар эмиэ биир уратыларынан буолла.

Бу иннинээҕи Олоҥхо ыһыахтарын түмүктүүр тэрээһиннэргэ маннык мааны остуол тардылла илигэ.

Онон куоракка олорор аммалар төрөөбүт улуустарын суолталаах тэрээһинигэр бары хайысхаларынан эмиэ өйөөтүлэр, көмөлөстүлэр.

Ити курдук, быйыл Амма улууһугар ыһыллыбыт 17-с Олоҥхо ыһыаҕа өрөспүүбүлүкэ сайдыытын устуоруйатыгар көмүс буукубанан суруллан үйэтитилиннэ.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: