Аммалар ситэриилээх былаас үлэтин биһирииллэрин биллэрэллэр

Share

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайааччылаах судаарыстыбаннай былаас ситэриилээх уорганын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуоттуур бөлөх олунньу 14-16 күннэригэр Амма улууһугар үлэлээтэ. Сергей Местников уонна Үөрэх, билим миниистирэ Нюргуна Соколова салайааччылаах икки бөлөх 14 нэһилиэккэ отчуоттаата.

Отчуот иннинэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников уонна туһааннаах министиэристибэлэр салайааччылара, солбуйааччылара нэһилиэнньэни кытта көрүстүлэр.

Бүтэһигинэн отчуоттуур мунньах Амма сэлиэнньэтигэр буолла, манна барыта 146 киһи кытынна.

Ааспыт алта сыл устата Амма улууһугар координатордаабыт Ил Дархан сүбэһитэ Майя Данилова кылгастык туох үлэ-хамнас оҥоһуллубутун иһитиннэрдэ. Амма улууһа өрөспүүбүлүкэ олоҕор кыттыыга олус көхтөөҕүн бэлиэтээтэ, махталын биллэрдэ, итиэннэ мантан салгыы улууһу сүрүннүөхтээх – Үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколоваҕа символическай блокноту бэлэх туттарда, улууска салгыы даҕаны көмөлөһүөҕүн биллэрдэ. “Тэтими, таһымы түһэрбэккэ, сорудахтанан салгыы үлэлиэхпит”, — диэн миниистир харда тылыгар эттэ.

Салгыы ыйытыыларга, этиилэргэ киирдилэр. Сорохтор үстүү-биэстии ыйытыыга тиийэ биэрдилэр, санааларын тириэртилэр. Ол курдук, педагогическай, мэдиссиинэ каадырынан хааччыйыы, уһуйаан тутуутун, эпиэкэҕэ сылдьар оҕолор босхо аһылыгынан хааччыллыыларын, суол оҥоһуутун, тыа хаһаайыстыбатын, бэтэринээрийэ, сылгыны үөрдээн иитии, муодульнай хочуолунай, ититэр систиэмэҕэ холбонуу, бултааһын, лааҕыр хапытаалынай өрөмүөнүн туһунан, уо.д.а. боппуруостарга токкоолостулар, санааларын этиннилэр. Ыйытыыларга бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, туһааннаах министиэристибэлэр, департаменнар, управлениелар салайааччылара, солбуйааччылара сиһилии хоруйдары биэрдилэр, быһаардылар.

Ол курдук, Амма 2-с нүөмэрдээх оскуолатын дириэктэрэ Григорий Карпов туран үөрэх тэрилтэлэрин каадырынан хааччыйыы, педагогтар хамнастарын, хапытаалынай өрөмүөн уо.д.а., уопсайа, алта ыйытыыны биэрдэ. Тустаах ыйытыыга Үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколова хоруйдаата.

Амма сэлиэнньэтигэр терапевт быраас тиийбэтин туһунан ыйытыыга Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин нэһилиэнньэҕэ мэдиссиинэ көмөтүн тэрийиигэ департаменын салайааччыта Дьулустан Чичахов министиэристибэҕэ каадырынан хааччыйыы абитуриеннары үөрэтии уонна бэлэм каадыры сыһыарыы быһыытынан барарын эттэ. Кэлиҥҥи биэс сылга Амматааҕы улуус балыыһатын кытта араас исписээлинэскэ уонна орто анал үөрэххэ 29 тус сыаллаах дуогабар (целевой договор) түһэрсиллибит. 2012 сылтан Амма улууһугар 54 быраас уонна 4 мэдиссиинэ орто үлэһитэ үлэлии кэлбит. Былырыын 1 стоматолог, 2 педиатр, 1 акушер-гинеколог кэлбит. Быйыл атырдьах ыйыгар 4 үөрэҕин бүтэрэр педагог кэлэрэ былааннанарын эттэ. Мэдиссиинэ үлэһитинэн хааччылыы 72% тэҥнэспит. “Каадырынан хааччыйыы бэйэҕит оҕолоргут миэстэтигэр кэлэн үлэлээтэхтэринэ эрэ толору кыаллар кыахтаах. Үөрэх бүтэрин саҕана төрөппүттэр оҕолорун улууска ыыппакка, куоракка хааллараары араас үүтү-хайаҕаһы бары көрдүүллэр. Бу мэхэниисими билигин Арассыыйа таһымыгар көрөллөр”, — диэн эттэ. “Земскэй дуоктар” бырагыраама салгыы үлэлиэҕин, уларытыы киирэн сааһыттан тутулуга суох (ол иһигэр биэнсийэлээх дьон эмиэ) ким баҕарар хапсар уонна нэһилиэнньэлээх пуун ахсааныттан тутулуга суох үлэлии барар кыахтаахтарын иһитиннэрдэ.

Мунньах түмүктэниитэ Сергей Местников: “Үс күн устата кэлэн үлэлээн элбэх этиини иһиттибит, санаа үллэһиннибит. Инники үлэбит былаанын толорууга бу олус суолталаах этиилэр. Олохтоохтор сүрүннээн айылҕаҕа, Амма өрүс харыстабылыгар болҕомтону уурар эбиккит, бу саамай сөптөөх. Ону тэҥэ, тыа сирин сайдыыта барыбытын даҕаны долгутар. Кырдьык, кэнники кэмҥэ тыа сиригэр каадыр, испэлиис тиийбэтэ  көстөр суол буолар, суоппарга тиийэ. Ону көннөрөр үлэ ыытыллар уонна өссө күүһүрүөн наада диэн биһиги бэлиэтиибит. Үгэс быһыытынан, элбэх ыйытыы социальнай эбийиэктэри тутууга киирээччи, кэлин ити өссө аҕыйаабыт. Аҕыйах сыл иһигэр национальнай бырайыактарынан элбэх эбийиэк тутулунна, ити үлэ салгыы ыытыллыаҕа. Эһиги туох, ханнык былааннааххытын, ханнык эбийиэктэри тутууга этиилээххитин иһиттибит уонна инники үлэбитигэр хайаан даҕаны учуоттаныахпыт.

Олоҥхо ыһыаҕын ыытыыны хас биирдии нэһилиэккэ ыйыталаһаргыт биһигини эмиэ үөрдэр. Амма нэһилиэгэр төһө ыйыталаһаллар эбит диэн кэтэһэн олордум, ыйыталаһар эбиккит, ол саамай сөп, маннык улахан тэрээһини ыытаары олорон хас биирдиигитин долгутар буолуохтаах. Ылыныллыбыт былааннар кэмигэр олоххо киирэ тураллар, улахан ыарахаттары көрсүбэккэ олоробут. Саамай сүрүнэ, олохтоохтор биир санаалаах буолуҥ. Эрдэ Амма улууһугар спортивнай оонньуулары ыыппыккыт курдук Олоҥхобут ыһыаҕа үрдүк таһымнаахтык ааһыаҕа диэн бигэ эрэллээхпин”, — диэн бэлиэтээтэ.

Урукку сылларга отчуот аҥардас кэпсээһин эрэ быһыытынан барар эбит буоллаҕына, быйыл Сергей Местников дьоҥҥо тиийимтиэ гына бэйэтин тылынан, уу сахалыы уонна чопчу отчуоттанар улууска, нэһилиэккэ сыһыаннаах сыыппаралардаах кэпсээтэ, бу барыта слайдаҕа көстө турара олус үчүгэй диэн олохтоохтор отчуоттан астыммыттарын биллэрэллэр.

Аны биир даҕаны нэһилиэккэ ситэриилээх былаас үлэтин биһирээбэппин диир киһи суох, ыйытыы биэрбит, тыл эппит, санааларын биллэрбит дьон бары биһириииллэрин этэллэр. Ону тэҥэ, хас нэһилиэк ахсын ойон туран билиҥҥи уустук балаһыанньаҕа дойдубут бэрэсидьиэнин тула түмсүөҕүҥ диэн этинээччилэр үгүстэр.

Отчуот кэнниттэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга бастыҥ үлэһиттэргэ үрдүк наҕараадалары, эдэр ыалларга дьиэҕэ сэртипикээттэри, Амматааҕы лиссиэйгэ саха тылын уонна литэрэтиирэтин кэбиниэтин сэртипикээтин туттардылар.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салгыы Амматааҕы норуот айымньытын дьиэтин иккис мэндиэмэнигэр олохтонон олорор, “Илии сылааһа” түмсүү иистэнньэҥнэрэ анал байыаннай дьайыыга кыттар биир дойдулаахтарыгар анаан тикпит үлэлэрин көрдө.

Хаартыска: Людмила Попова.
Хаартыска: Людмила Попова.
What’s your Reaction?
+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

10 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

11 часов ago