Аммалар Улуу Кыайыы 80 сылынан
Улуу Кыайыы 80 сылынан Амматааҕы О.П.Иванова-Сидоркевич аатынан айар сайдыы киинин үлэтэ далааһыннанар.
Ол курдук, Ольга Петровна Иванова-Сидоркевич ырыаларын киэҥ эйгэҕэ сырдатар, үүнэр көлүөнэҕэ төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэр сыаллаах «Аҕабар» диэн театральнай туруоруу көрөөччү дьүүлүгэр тахсыаҕа. Манна оҕолор, педагогтар, «Амма чэчирэ» ырыа уонна үҥкүү ансаамбыла, уус-уран салайааччы Анна Матвеева, фольклор бөлөҕүн салайааччы Сахаяна Харитонова, үҥкүү бөлөҕүн салайааччы Лидия Шакарова, режиссер Сахаайа Романова, тэрилтэ филиалларыттан, Абаҕаттан «Эрэл» үҥкүү ансаамбыла (салайааччы Оксана Борисова), Чакыртан «Чакыр оһуордара» (салайааччы Светлана Новикова), Амматтан Амматааҕы коррекционнай интэринээт-оскуолаттан (хормейстер Амгалена Максимова), Соморсунтан «Айар» музыкальнай устуудьуйа (салайааччы Марианна Тараховская), Бөтүҥтэн «Чөмчүүк» ырыа ансаамбыла (салайааччы Любовь Лобанова), Амматааҕы 1 №-дээх орто оскуола 3 кылааһа (салайааччыта Татьяна Попова), 9 кылаас (салайааччыта Ньургуяна Гаврильева), Амматааҕы коррекционнай интэринээт-оскуола тыйаатыра (теневой тыйаатыр, салайааччы Октябрина Старостина), Мээндигиттэн хоһоонунан дьүһүйүү (салайааччы Валерия Тарабукина) кыттыыны ылыахтара.
Сэрии сылын оҕото, биллиилээх ырыаһыт, мелодист Ольга Иванова Аҕа дойду сэриитигэр аналлаах ырыалара «Аҕабар», «Аҕам суруктара», «Кыайыы күнэ», «Дорообо 9 маай» уонна төрөөбүт дойдуга тапталын хоһуйбут ырыалара ылланыахтара. Ол курдук тохсунньу ыйга бу туруоруу ис хоһоонун, сүрүн тутулун, ханнык ырыа талыллан киирэрин айар бөлөх мустан, дьүүллэстилэр. Хормейстер Амгалена Максимова туруоруутунан элбэх оҕолоох “Дорообо 9 маай” хор туруоруллара быһаарылынна. Урукку кэмҥэ Ольга Петровна салайыытынан «Память» чинчийэр-көрдүүр оҕолор этэрээттэрэ тэриллэн үлэлээбит үлэлэрин билигин «Амма чэчирэ» ансаамбыл салгыыр. Ол туһунан театральнай туруорууга сырдатыллыаҕа. Ол курдук сэрии толоонугар Амматтан ыҥырыллыбыт буойуттар испииһэктэрин оҥорор, билиҥҥи оҕолор «Улуу Кыайыы 75» сылыттан саҕалаан «Кыайыы Ийэлэрэ» бырайыакка кыттан архыыпка матырыйаал көрдөөн, оскуолаларынан кылаас чаастарын ыытан, бэтэрээннэр кэпсээннэрин уһулан утумнаахтык үлэлээбиттэрэ. Билигин «Улуу Кыайыы 80 сылыгар» «Память» кулууп чинчийэр-көрдүүр үлэтин түмүгүнэн, «Кыайыы Ийэлэрэ» научнай–практическай кэмпириэнсийэ тэриллиэхтээх. Бу киэҥ далааһыннаах үлэҕэ биһиги улууспут оҕолоро төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрэн, сүҥкэн кылааты киллэриэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпит.
Анна Матвеева,
«Амма чэчирэ» ансаамбыл уус-уран салайааччыта.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: