Аммалар улуус баһылыгын муҥхатын кэмигэр күрэхтэһиэхтэрэ
Амма улууһун баhылыга Степан Николаевич Кузьмин муҥхатын кэмигэр, сэтинньи 9 күнүгэр балыктыыр биригээдэлэр икки ардыларыгар күрэхтэһии ыытыллыаҕа. Бу туһунан улуус дьаһалтатын телеграм-ханаала иһитиннэрэр.
Күрэхтэһии тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Социалистическай куоталаһыы чөмпүйүөнэ, ССРС Кинематографиятын туйгуна, Эмис нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, кадровай булчут, Эмис муҥхатын өр сылларга салайбыт Афанасий Михайлович Бубякин аатын үйэтитэн тэриллиэҕэ.
Муҥха Эмис нэһилиэгин Хойуо Эбэтигэр сэтинньи 9 күнүгэр 9 чаастан саҕаланыаҕа.
Хамаандаттан биэстии киhи кыттара ирдэнэр, бу күн муҥхаҕа үлэлээбит биригээдэ чилиэннэрэ киирэллэр.
Түһүмэхтэрэ:
— ойбон алларан 50 м. үтүмэх сүүрдүү;
— кууллаах балыгы сүгэн сүүрүү эстафетата;
— ханаат тардыhыы, биэс киһи киирэр.
Кыайыылаахтар улуус баhылыга Степан Николаевич Кузьмин, Афанасий Михайлович Бубякин оҕолоро, сиэннэрэ, олохтоох дьаhалта туруорбут мэтээллэринэн, грамотанан, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланыахтара диэн тэрийээччилэр иһитиннэрэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: