Бэҕэһээ, тохсунньу 22 күнүгэр, Амма улууһунааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лиссиэй 3-с кылааһын «Күннүк» айылҕаны кэтииргэ аналлаах күннүктэри (дневниктэри) уонна кыстыыр көтөрдөргө оҥоһуллубут уйалары туттардылар. Бу туһунан СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Быйылгы сылга айылҕаны кэтээн көрүү күннүгүн ааптардара, Герасимовтар дьиэ кэргэттэрэ 10-с төгүлүн оҥордулар. Бу күннүккэ оҕолор да, улахан дьон да айылҕа көстүүтүн, күн-дьыл туругун сылы эргиччи бэлиэтэниэхтэрин сөп. Бу күн иниспиэктэрдэр тыыннаах айылҕаҕа тахсар ураты уларыйыылар — фенология туһунан кэпсээтилэр.
Бэлиэтээн эттэххэ, СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ сыл аайы ыытар «Наблюдение за природой» куонкуруһа оҕолорго интэриэһи үөскэтэр уонна эдэр чинчийээччилэри буларга көмөлөһөр.
Социальнай архитектордар куонкурустара РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан ыытыллар. Социальнай суолталаах бырайыактары олоххо киллэриигэ, ону…
Халыма-Индигиир уокуругуттан Ил Түмэҥҥэ норуот дьокутаата Гаврил Алексеев эппиэттээх түөрт хоту улуустар бары суолталаах тэрээһиннэрин…
2029 сылга саха успуордун национальнай көрүҥнэригэр «Манчаары оонньуулара» XXIII спартакиадата Хаҥалас оройуонугар ыытыллыаҕа. Бу туһунан…
Арассыыйа бүддьүөтэ гражданнарга биэнсийэни эбии индексациялыырга бэлэм. Бу туһунан Судаарыстыбаннай Дуума социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин чилиэнэ…
Саха сиригэр ааспыт суукка иһигэр полицияҕа түөкүннээһин туһунан икки киһи тыллаабыт. Бу туһунан Саха сиринээҕи…
Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев парламеҥҥа 11-с (уочараттаах) пленарнай мунньахха ыҥырар дьаһалга илии баттаата. Пленарнай…