Салгыы
Амматааҕы лиссиэйгэ «Олоҥхо — саха олоҕо» улуустааҕы сэминээр буолла

Амматааҕы лиссиэйгэ «Олоҥхо — саха олоҕо» улуустааҕы сэминээр буолла

Ааптар:
28.02.2024, 12:00
Хаартыска: «Амма олоҕо хаһыат»
Бөлөххө киир:

Амматааҕы лиссиэйгэ «Олоҥхо — саха олоҕо» улуустааҕы сэминээр, маастар-кылаас буолан ааста. Сэминээри лиссиэй географияҕа учуутала Алена Быстрова, биология учуутала Александра Давыдова, уруһуй учуутала Анна Михайлова, педагог-бибилэтиэкэр Анна Алексеева уонна саха тылын учуутала Наталия Рязанская ыыттылар.

Саха киһитин сиэринэн, маастар-кылааска кэлбит ыалдьыттары алгыһынан уонна саламааттаах алаадьынан, быырпаҕынан айах тутан күндүлээтилэр. Салгыы лиссиэй 7 кылааһын үөрэнээччитэ Өркөн Солдатов тус патефонунан Гаврил Колесов толоруутугар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону иһитиннэрдэ.

Салгыы оҕолор уонна учууталлар, педагог-бибилэтиэкэрдэр бөлөҕүнэн арахсан үлэлээтилэр. Олоҥхону лиссиэй учууталлара үгэс буолбут өйдөбүлтэн тэйэн, дьиҥ олоххо сыһыары тутан, историяны, географияны, биологияны кытта ыкса ситимнээн ырыттылар, тус санааларын эттилэр. Маны барытын сэминээр кыттыылаахтара истэ олорон, олоҥхо туһунан тугу өйдөөбүттэринэн, хайдах ылыммыттарынан араас матырыйаалы туһанан, кырыйан, килиэйдээн, акриловай кыраасканан уруһуйдаан, панно оҥорорго холоннулар. Үлэлэрин түмүгүн көрөн, бары да астыннылар, үөрдүлэр, дуоһуйдулар.

Түмүккэ сэминээр бары кыттыылаахтара олоҥхо туһунан саҥаны, сонуну билбиттэрин туһунан санааларын эттилэр уонна хайаан да үөрэхпитигэр, үлэбитигэр туһаныахпыт диэн туран, сэминээри тэрийбит, ыыппыт дьоҥҥо махталларын биллэрдилэр.

Наталия Рязанская. Амма

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: