“Ампаардаах” хаһаайыстыбаҕа төрүөх саҕаланна
Кыстык хаамыыта куруук болҕомто киинигэр турар. Сүөһүгэ-сылгыга сиэтэр отунан, бурдугунан хааччыллыы, үүтү туттарыы, төрүөх саҕаланыыта…
Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Александра Лаврентьева быйылгы кыстык хайдах баран иһэрин туһунан маннык кэпсээтэ:
— Чочу нэһилиэгэр 704 төбө хороҕор муостаах, 410 сыспай сиэллээх баар. Олортон 233 төбө “Ампаардаах” хаһаайыстыба киэнэ. Хаһаайыстыбаҕа төрүөх саҕаламмыта. Билигин күҥҥэ 700 киилэ үрдүкү суортаах үүтү “Сыа Бүлүү” ТХПК үүтүн собуотугар киллэрэ турар.
Быйыл от үүнүүтэ ааспыт сыллары кытта тэҥнээтэххэ мөлтөх. Кыстыкка нэһилиэнньэ кур оту кытта 1500 т оттоох олорор, ону тэҥэ 4 т уотурба, эбиэс атыыласта.
“Ампаардаах” хаһаайыстыба эбии 50 т Кыргыдайтан атыылаһарга дуогабардаах. 50 т сенаж, 450 т сиилэс бэлэмнэниллибитэ, уотурбанан хааччыллан олорор.
Баар сүөһүбүт, сылгыбыт кыстыгы этэҥҥэ туоруулларыгар бары күүһү түмэн үлэлиибит. Кыстыкпыт этэҥҥэ аастар диэн баҕарабыт.
Хаартыска: А.Лаврентьева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: