“Ампаардаах” хаһаайыстыбаҕа төрүөх саҕаланна

Share

Кыстык хаамыыта куруук болҕомто киинигэр турар. Сүөһүгэ-сылгыга сиэтэр отунан, бурдугунан хааччыллыы, үүтү туттарыы, төрүөх саҕаланыыта…

Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Александра Лаврентьева быйылгы кыстык хайдах баран иһэрин туһунан маннык кэпсээтэ:

— Чочу нэһилиэгэр 704 төбө хороҕор муостаах, 410 сыспай сиэллээх баар. Олортон 233 төбө “Ампаардаах” хаһаайыстыба киэнэ. Хаһаайыстыбаҕа төрүөх саҕаламмыта. Билигин күҥҥэ 700 киилэ үрдүкү суортаах үүтү “Сыа Бүлүү” ТХПК үүтүн собуотугар киллэрэ турар.

Быйыл от үүнүүтэ ааспыт сыллары кытта тэҥнээтэххэ мөлтөх. Кыстыкка нэһилиэнньэ кур оту кытта 1500 т оттоох олорор, ону тэҥэ 4 т уотурба, эбиэс атыыласта.

“Ампаардаах” хаһаайыстыба эбии 50 т Кыргыдайтан атыылаһарга дуогабардаах. 50 т сенаж, 450 т сиилэс бэлэмнэниллибитэ, уотурбанан хааччыллан олорор.

Баар сүөһүбүт, сылгыбыт кыстыгы этэҥҥэ туоруулларыгар бары күүһү түмэн үлэлиибит. Кыстыкпыт этэҥҥэ аастар диэн баҕарабыт.

Хаартыска: А.Лаврентьева.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

«Якутия» АХ Харбиҥҥа эбии рейстэри оҥоруоҕа

 «Якутия»  АХ   2025 сыллааҕы "Саас-Сайын"  расписаниетыгар олоҕуран, Харбиҥҥа  диэри  эбии рейстэри оҥоруоҕа. Бу туһунан  авиа-хампаанньа…

6 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Көлөппүнэни хомуйбут киһи сууттанна

Уус Алдан улууһугар элбэх кээмэйдээх наркотигы сокуоннайа суох булууга уонна атыылыыр сыала суох харайыыга бириигэбэр…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Марха 1-кы нүөмэрдээх оскуолата биир симиэнэҕэ көстө

2025 сыл тохсунньу 13 күнүттэн Дьокуускай куораттааҕы Марха 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолата биир симиэнэҕэ көстө.…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сэрии бэтэрээннэригэр, огдооболоругар 80 тыһыынча солкуобай төлөнүөҕэ

Тохсунньу 15 күнүгэр Владимир Путин Улуу Кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэнии үлэтин туһунан "Победа" тэрийэр кэмитиэт…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Норуодунай учуутал Н.И. Афанасьев аатынан бириэмийэ туттарылынна

Нуучча географическай уопсастыбатын Саха сиринээҕи салаата педагогтарга норуодунай учуутал Николай Иванович Афанасьев аатынан Ил Дархан,…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Биир күҥҥэ — икки баһаар

Бэҕэһээ Ньурба улууһугар  икки баһаар таҕыста. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Тохсунньу 15 күнүгэр…

2 часа ago