Амур уобалаһыгар парашютистары, десантниктары ыытыахтара

Share

Ыам ыйын бырааһынньыктарыгар Амур уобалаһыгар Саха сириттэн федеральнай Авиалесоохрана 50-тан тахса парашютиһын уонна десантнигын ыытыахтара. 

Амур уобалаһыгар кураантан уонна сылаас күнтэн-дьылтан ойуур баһаара туруон сөп. Ону тэҥэ айылҕаҕа тахсыы элбээһинэ эмиэ кутталы үөскэтэр.
Амур уобалаһыгар эрэгийиэннээҕи күүстэр уонна сириэстибэлэр үрдүк бэлэмнээх буолууларын эрэсиимэ олохтонно. Маны тэҥэ эрэгийиэн Бырабыыталыстыбата Рослесхозка Федеральнай Авиалесоохрана 50 парашютиһын уонна десантнигын эрэгийиэннээҕи ойуур баһаарын утары сулууспаларга тутатына көмөлөһөллөрүгэр илдьэргэ көрдөспүтэ.
Рослесхоз Федеральнай Авиалесоохрана Саха сиринээҕи салаатын парашютистарын уонна десантниктарын ыытарга быһаарбыта.
«Дьокуускай (Саха сирэ)-Свободнай (Амур уобалаһа) маршрутунан быраҕыы Өлүөнэ эбэни аэрооҥочолорунан туорааһынынан саҕаланна.
Салгыы Федеральнай Авиалесоохрана парашютистара уонна десантниктара сиринэн айанныахтара.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ченяновтар тиэргэннэригэр үрүҥ баарыс туртайар…

Ийэ сайын үгэннээн турар кэмигэр кэтэх дьиэлээх дьон тиэргэннэрин араастаан киэргэтэн оҥороллоро үгэскэ кубулуйда. Социальнай…

42 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сүрүн

Алта саастаах оҕону ыт ытырбыт

ИДьМ Дьокуускайдааҕы 2-с нүөмэрдээх полиция салаатыгар 6 саастаах кыыһы ыт ытырбытын туһунан  мэдиссиинэ тэрилтэтиттэн суһал…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Муниципалитеттары туох күүтэрий?

33-с №-дээх Олохтоох бэйэни салайыныы туһунан сокуон бэс ыйын 19 күнүттэн сүрүн нуормалара үлэҕэ киирдилэр.…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

От кэмигэр сыһыаннаах билгэлэр

Отчуттарга саамай сүрүн күннэр тураллар. Омурҕаҥҥа, сыта-тура бу билгэлэри кэтээн көрүҥ. - Хотуур биитэ көҕөрдөҕүнэ…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Уопсастыба

Хирург: «Улахан наҕараадам – өрүһүйбүт уолаттарым махталлара»

Байыаннай дьайыыга сылдьар элбэх уол, «Хирург» диэн позывнойдаах Егор Захаров диэн быраас баар, ону кытары…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар биир кэлим эксээмэн түмүгүн болдьоҕо уһаан биэриэҕэ

“РФ үөрэх туһунан” федеральнай сокуоҥҥа уларыйыы кииирдэ. Онно олоҕуран биир кэлим эксээмэн түмүгүн болдьоҕо анал…

4 часа ago