Хаартыска "Авиалесоохрана" ФБУ ылылынна
Ыам ыйын бырааһынньыктарыгар Амур уобалаһыгар Саха сириттэн федеральнай Авиалесоохрана 50-тан тахса парашютиһын уонна десантнигын ыытыахтара.
Амур уобалаһыгар кураантан уонна сылаас күнтэн-дьылтан ойуур баһаара туруон сөп. Ону тэҥэ айылҕаҕа тахсыы элбээһинэ эмиэ кутталы үөскэтэр.
Амур уобалаһыгар эрэгийиэннээҕи күүстэр уонна сириэстибэлэр үрдүк бэлэмнээх буолууларын эрэсиимэ олохтонно. Маны тэҥэ эрэгийиэн Бырабыыталыстыбата Рослесхозка Федеральнай Авиалесоохрана 50 парашютиһын уонна десантнигын эрэгийиэннээҕи ойуур баһаарын утары сулууспаларга тутатына көмөлөһөллөрүгэр илдьэргэ көрдөспүтэ.
Рослесхоз Федеральнай Авиалесоохрана Саха сиринээҕи салаатын парашютистарын уонна десантниктарын ыытарга быһаарбыта.
«Дьокуускай (Саха сирэ)-Свободнай (Амур уобалаһа) маршрутунан быраҕыы Өлүөнэ эбэни аэрооҥочолорунан туорааһынынан саҕаланна.
Салгыы Федеральнай Авиалесоохрана парашютистара уонна десантниктара сиринэн айанныахтара.
Ахсынньы 19 күнүн дьыбардаах киэһэтигэр ахсынньы аам-даам тымныытын аахсыбакка, дьон-сэргэ Тойбохой килбэйэр киинигэр турар Клара…
Тааттатааҕы полиция дьуһуурунай чааһыгар олохтоох киһи муннутун тоһутан балыыһаҕа кэлбитин туһунан иһитиннэрбиттэр. Бу туһунан СӨ…
Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин олохтооҕо Иван Боппосов дьиэтин үрдүгэр Уот кыһыл сылгы сылын көрсө хаар…
СӨ Үрдүкү Суута Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээх, 1988 сыллаах төрүөх киһи экстремистскэй тэрилтэни үбүлээһиҥҥэ буруйдаах…
Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ бэтэрээннэрин өйүүргэ 2026 сылга 4 млрд солк. тахса үп көрүллүө диэн Ил Дархан…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ 3-с №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох киһи баан счетуттан 170 тыһ.солк. уордарбытын…