Амур уобалаһын олохтооҕо Саха сиригэр наркотик тарҕаппыт
29 cаастаах эр киһи харчылаһар туһуттан Амур уобалаһыттан кэлэн, Саха сиригэр наркотик тарҕатарга соруммут.
Наркотигы тарҕатыыны утары үлэлиир Арассыыйатааҕы Хотугулуу-Илиҥҥи ИДьМ тырааныспарка линейнэй управлениетын үлэһиттэрин суһал хамсаныыларынан хаста да сууттана сылдьыбыт Амур уобалаһын олохтооҕо тутуллубут. Кини сокуону кэһэн туран, мефедрон диэн наркотик көрүҥүн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар атыылыырга санаммыт. Силиэстийэ кэмигэр биллибитинэн, эдэр киһи тэриллиилээх бөлөххө кыттыгастаах эбит. Бөрөстүүпүнэй бөлөх чилиэннэрин кытта үлэлээн атыылыам диэн сорунан улахан баартыйа мефедрону Саха сиригэр киллэрбит. Ол эрээри, соруммут соругун тиһэҕэр тиэрдибэтэх. Буруйданааччы наркотигы атыылаары хаһаана сылдьыбытын туһунан полиция үлэһиттэригэр билиммит. Онон Арассыыйатааҕы Хотугулуу Илиҥҥи ИДьМ тырааныспарка линейнэй управление силиэстийэлиир салаата Арассыыйа Федерациятын Холуобунай кодексатын 30 ыст. 3 ч, 228.1 ыст. 4 ч Холуобунай дьыала тэрилиннэ. Бу ыстатыйанан буруйдаах киһи 20 сылга диэри көҥүлү сарбыллыан сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: