Росморречфлот салайааччытынан  Андрей Тарасенко ананна

Share

INTERFAX.RU  суруйарынан, Муора уонна өрүс тырааныспарын федеральнай ааҕыныстыбатын (Росморречфлот) салайааччытынан  Андрей Тарасенко ананна.

Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин илии баттаабыт.  Бу иннинэ туһааннаах ааҕыныстыба салайааччытынан Захарий Джиоев үлэлээбитэ. Кини 2022 сыл атырдьах ыйыттан ааҕыныстыбаны салайбыта.

Андрей Тарасенко 1963 сыллаахха атырдьах ыйын 9 күнүгэр Владивосток куоракка төрөөбүтэ. 1985 сыллаахха Ленинград куоракка Ленинскэй хомсомуол аатынан үрдүкү байыаннай-муора училищетын бүтэрбитэ.

1997 — 2005 сс. балыгы бултуур салаа судаарыстыбаннай тэрилтэлэригэр уонна хампаанньаларыгар салайар дуоһунастарга үлэлээбитэ.

2005 сыллаахха айылҕаны туһаныыга уонна агропромышленнай тиһиккэ федеральнай үбү-харчыны ороскуоттааһыны хонтуруоллуур иниспиэксийэтин начаалынньыгын солбуйааччыта.

2007 сыллаахха Атомнай энергия Федеральнай агентствотын административнай хааччыйыыга уонна дьыалаларыгар управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы. Салгыы «Росатом» ГК баайга-дуолга департаменын дириэктэрин солбуйааччы.

2010 — 2012 сс. «Россельхозбаан» ААУо кылаабынай экэнэмииһинэн, онтон баан бырабылыанньатын бэрэccэдээтэлин сүбэһитинэн үлэлээбитэ.

2012 сыл кулун тутарыттан 2013 сыл бэс ыйыгар диэри Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Невско-Ладожскайдааҕы бассейновай управлениетын салайааччытын солбуйааччытынан, онтон салайааччытынан үлэлээбитэ.

2013 сылтан «Росморпорт» ФГУП салайааччыта.

2017 сыл алтынньы 4 күнүттэн 2018 сыл балаҕан ыйын 26 күнүгэр диэри Приморскай кыраай губернаторын эбээһинэһин толорооччу.

2018 сыл балаҕан ыйын 27 күнүттэн РФ Бырабыыталыстыбатын дьаһалынан Муора уонна өрүс тырааныспарын салайааччытын солбуйааччытынан анаммыта.

2020 сылтан Тарасенко СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлинэн, оттон  2023 сыл сэтинньититтэн    «Нацрыбресурс» ФГУП салайааччытын солбуйааччытынан үлэлээбитэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Сунтаарга буокса күрэһэ

Сунтаарга бу күннэргэ үс күн устата Алквиад Иванов аатынан Оҕо спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

3 часа ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

3 часа ago