Анаабыр өрүскэ харыыны дэлби тэптэрдилэр

Share

Бүгүн, бэс ыйын 1 күнүгэр, Анаабыр өрүскэ харыыны дэлби тэптэрии үлэтэ салҕанар. Өрүскэ уу таһыма үрдээн, Сааскылаах сэлиэнньэтэ ууга барар куттала үөскээбитэ.

Хаартыска: СӨ Быыһыыр сулууспата.

Бэҕэһээ, ыам ыйын 31 күнүгэр, Ыксаллаах быһыы-майгы сулууспатын суһал бөлөҕө Анаабыр өрүһүнэн көтө сылдьан, Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтиттэн 17 килэмиэтир тэйиччи Кумахтаах Арыы диэр сиргэ 15 килэмиэтир уһуннаах харыы баарын булбута. Харыы эмпэрэ биэрэк уонна арыы икки ардыгар үөскээбит.

Ыксаллаах быһыыга-майгыга бырабыыталыстыба хамыыһыйата дэлби тэптэрэр матырыйааллары уонна Быыһыыр сулууспа быыһааччыларын илдьэр икки бөртөлүөтү ыытарга быһаарбыта.

Хаартыска: СӨ Быыһыыр сулууспата.

Сарсыарда 9 чааска «Полярные авиалинии» авиахампаанньа уонна Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин икки «Ми-8» бөртөлүөттэрэ Дьокуускайтан көппүттэрэ. Ыам ыйын 31 күнүгэр киэһэ 9 аҥаар чааска 1 туонна кээмэйдээх дэлби тэптэриини оҥордулар.

Бүгүн, бэс ыйын 1 күнүгэр, сарсыарда 9 чааска «Полярные авиалинии» хампаанньа «Ми-8» бөртөлүөтэ көттө. Манна Быыһыыр сулууспа биригээдэтэ бүгүн дэлби тэптэриини салгыы оҥоруохтара. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

4 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

7 часов ago