Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайатыгар элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутулунна

Share

Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа бөһүөлэгэр «Жилье и городская среда» диэн бэрэсэдьиэн национальнай бырайыагынан тутуллубут аҕыс кыбартыыралаах дьиэ аһыллыыта үөрүүлээх быһыыга-майгыга  буолла.

Саҥа дьиэҕэ киирээччилэри эҕэрдэлии Ил Дархан Айсен Николаев Анаабыр улууһугар тиийдэ. Бэлиэтээн суруйдахха, хаарбах дьиэттэн көһөөччүлэргэ анаммыт Арктическай оройуоҥҥа тутуллубут бэһис дьиэ буолар. Бу иннинэ Сааскылаахха үс элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ.

«Саамай сүрүнэ, өрөспүүбүлүкэ киин эрэ куораттарыгар буолбакка, уһук сытар хотугу улуустар олохтоохторо эмиэ саҥа дьиэҕэ көһөллөр. Хаарбах дьиэттэн көһүүгэ бу бастакы дьиэ буолбатах. РФ бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин өҥөтүнэн хаарбах дьиэттэн көһүү бырагыраама Үрүҥ Хайаҕа эрэ буолбакка, бүтүн Арктическай оройуоннарга ситиһиилээхтик үлэлиир. Анаабыр улууһа уонна атын да арктическай оройуоннар ситиһиилээхтик сайдан иһиэхтэрэ диэн эрэллээхпин», — диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

Кэлэр сылтан Анаабыр улууһугар таас дьиэлэри тутуу үлэтэ саҕаланыаҕа. Ол курдук, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ анаан Сааскылаахха 30 кыбартыыралаах дьиэ тутуллуоҕа. 2025  сылга диэри былаан быһыытынан 700 киһини 9,6 тыһыынча кв. м. дьиэҕэ олохтуохтара.

Хаарбах дьиэттэн көһүү бырагыраама үлэтэ өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар ыытылла турар. Бырагыраама биэс сыл устата үлэлиэҕиттэн Саха сиригэр номнуо 190 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ уопсайа 28 тыһыынча киһи көспүт. 2019 сылтан бырагырааманы олоххо киллэриигэ 61 тыһыынча миллиард солкуобай ыытыллыбыт.

Recent Posts

  • Култуура
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

ВИДЕО: “Кэнникинэн оҕолор эрэпэтииссийэ хаһан буолар?” — диэн бэйэлэринэн ыйыталлар

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Өлүөнэ кытылын үрдүгэр, Дьоруойдар аллеяларыгар сэрии кэминээҕи таҥастаах эдэркээн кыргыттар, уолаттар…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1995 сыллаахха ийэлээх аҕатын мэтириэтин тутан параакка хаампыт учуутал

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылынан “Өлбөт үйэлээх полк”…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха уола Москваҕа Кыайыы параадыгар кыттар

Москваҕа буолар Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйдээх  параадыгар саха уола кыттарын туһунан үтүө сураҕы бүгүн…

1 час ago
  • Сүрүн

ХААРТЫСКА: Дьокуускайга «Кыайыыны аҕалбыт буойуннар» монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар "Кыайыыны аҕалбыт буойуннар" монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн ууруу…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарыгар 150-тан тахса киһи үлэлиир

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруорууга 154 исписэлиис үлэлиир диэн суһал ыстаап иһитиннэрэр. Суукка иһигэр барыта…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

101 саастаах сэрии бэтэрээнэ Наум Слепцов: “Күммүн сэрээккэттэн саҕалыыбын…”

Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылын көрсө Марха бөһүөлэгэр 101 саастаах Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа…

2 часа ago