Хаартыска: www.sakha.gov.ru/news/9851
Саха сиригэр байыаннай дьайыы байыастарыгар анаан өрөспүүбүлүкэттэн доруоп саа уочараттаах хомуура саҕаланна.
Бу туһунан бүгүҥҥү брифинг кэмигэр “Кыайыыга — бииргэ” хамыыһыйа өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаабын киинин, Донбаска Хотугулуу-Илиҥҥи көмө, өйөбүл пуондатын салайааччыта Георгий Куркутов иһитиннэрдэ.
“Бу курдук соруктаах байыаннай дьайыы ыытыллар сириттэн номнуо иккиһин “Ханыл” позывнойдаах байыас өрөспүүбүлүкэҕэ кэллэ. Кини Арассыыйа Оборуонаҕа министиэристибэтин командованиетыттан фроҥҥа баҕа өттүнэн туттарыан баҕалаахтартан хомуйар боломуочуйалаах. “Кыайыыга — бииргэ” суһал ыстаап өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйата сааны хомуйарга уонна байыаннай дьайыыга тиэрдэргэ бары көмөнү оҥоруоҕа” – диэн Георгий Куркутов кэпсээтэ.
Кини этэринэн, бу иннинэ Саха сириттэн байыаннай дьайыыга 300-тэн тахса сааны тиксэрбиттэр. Бу саалары билигин байыастар өстөөхтөр дроннарын охторууга ситиһиилээхтик туһаналлар. Саха сиригэр доруоп сааны тутуу балаҕан ыйын 18 күнүттэн Росгвардия лицензионнай салаатыгар бу аадырыска туталлар: Дзержинскэй уул., 35/1 нүөмэрдээх дьиэтэ.
Сиһилии манна ааҕыҥ.
Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…
Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…
Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…
Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…
Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…