Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын 300-тэн тахса төрөппүтэ санаторийга эмтэннэ

Share

Саха сиригэр Ил Дархан ыйааҕыгар уонна атын нуорма аахталарыгар олоҕуран, байыаннай сулууспалаахтарга – анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр аадырыстаах көмөнү оҥоруу үлэтэ салҕанар. Эрэгийиэҥҥэ 28 социальнай өйөбүл көрүҥэ баар, кэмиттэн-кэмигэр саҥаны эбэн иһэллэр, ол иһигэр социальнай тэрилтэ баазатыгар сыһыаннааҕы.

“Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын 303 төрөппүтэ санаторийга-курорка эмтэнэр көмөнү туһанна. 102 ыалга олорор дьиэни гаастааһыҥҥа үбүнэн көмө оҥоһулунна, 286 киһи байыаннай сулууспалаах эмтэнэ сытар сиригэр барарыгар харчынан көмө көрүлүннэ” – диэн Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов иһитиннэрдэ.

Хаартыска: www.sakha.gov.ru

Анал байыаннай дьайыы 707 кыттыылааҕа уонна 1015 кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ доруобуйа харыстабылын, социальнай хааччыйыы тэрилтэлэригэр доруобуйаларын чөлүгэр түһэриниини аастылар диэн бэрэссэдээтэли солбуйааччы бэлиэтээтэ.

Саха сиригэр байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин үлэҕэ киллэриигэ улахан болҕомто ууруллар. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэригэр 372 киһи үлэ көрдүү тиийбит, ол иһигэр 133 анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, 239 байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин чилиэнэ. Кинилэртэн 102 киһини үөрэтэ ыыппыттар, 188 киһини үлэнэн хааччыйбыттар.

Вице-премьер РФ Бырабыыталыстыбата 2024 сыл муус устар 11 күнүгэр 460 №-дээх мобилизацияламмыт дьон дьиэ кэргэттэрин өйүүр эбии миэрэлэр тустарынан уурааҕы бигэргэппитин  санатта. Ол курдук, туох эрэ төрүөтүнэн тус учуот прибора суох кыбартыыраҕа олорор мобилизацияламмыт дьон дьиэ кэргэттэрэ, бэйэлэрин суох дьоннорун оннуларыгар уу, гаас өҥөтүн төлөбүрүн төлүөхтэрэ суоҕа.

Маннык чэпчэтиини туһанар туһугар, мобилизацияламмыт киһи дьиэ кэргэнэ, Байыаннай комиссариаттан бу киһи чахчы ыҥырыллыбытын туоһулуур докумуону салайар хампаанньаларыгар илдьэллэрэ ирдэнэр.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

47 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

5 часов ago