Салгыы
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын аймахтара Ньургун Павловка махтаналлар

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын аймахтара Ньургун Павловка махтаналлар

27.06.2024, 11:00
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 23 күнүгэр катамараан аалынан устан, Өлүөнэ Эбэ Хотун аата ахсаана суох арыыларыттан биир кэрэ арыытыгар, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр, төрөппүттэригэр, инбэлииттэргэ, элбэх оҕолоох ыалларга аналлаах Үрүҥ тунах ыһыах буолан ааста.

Бу олус тэрээһиннээх ыһыах туһунан суруйуом иннинэ, кимнээх маны барытын иилээн-саҕалаан тэрийэн, буор-босхо илдьэн дуоһута ыһыахтаппыттарын туһунан сэһэргии түһүөхпүн баҕарабын.
Өлүөхүмэттэн төрүттээх Ньургун Павлов, циркэ артыыһа Дьулустаан Софронов 2023 сыллаахха биир түгэҥҥэ көрсө түһэн, катамараанынан өрүскэ баҕалаахтары сырытыннарыахха диэн санааҕа кэлбиттэр. Ньургун Павлов ол иннинэ «Нуучча географическай уопсастыбата» көҕүлээһининэн Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин иһинэн эспэдииссийэ тэриллэн, катамаранынан Хотугу муустаах байҕалынан устан Беннетт диэн арыыга тиийэн саха балаҕанын, сэргэ, кириэс туруоран кэлбиттэр.
Онтон салгыы Ньургун Павлов байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттар дьиэ кэргэттэригэр хайдах эмэ көмөлөспүт киһи диэн 2023 с. бэс ыйыгар «Өлүөнэ өрүскэ сынньалаҥ» диэн социальнай ситимҥэ бөлөх тэрийэн катамаранынан арыыларга лууктааһыны тэрийбит. Күҥҥэ 5 рейс оҥорон, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон, элбэх оҕолоохтор, үлэ бэтэрээннэрэ, биэнсийэлээхтэр луук сезона сабыллыар диэри лууктаан, кыһыҥҥы хаһаастарын оҥостон, бэрт элбэх киһи махталын ылыан ылбыт. Ити кэмҥэ Кэбээйиттэн төрүттээх, тэрийэр дьоҕурдаах үлэ бэтэрээнэ Мария Спиридонова лууктуу кэлэн баран, устунан Ньургуҥҥа бөлөххө киирэн, аны дьоннорун Өлүөнэ остуолбаларыгар сынньата таспыттар. Кини испииһэк оҥорон баҕалаахтары түмэн оптуобуһунан Тиит Арыыга диэри айаны тэрийбиттэр (суоппар Пантелеймон Бандеров). Онтон Тиит Арыыттан катамаранынан Ньургун Павлов көрсөн, Өлүөнэ очуостарыгар катамаранынан устуулары эмиэ олус бэркэ тэрийэн дьон-сэргэ биһирэбилин, махталын ылбыттар. Ити курдук, Ньургун Павлов сүргэтэ көтөҕүллэн, санаата кынаттанан салгыы Мария Спиридонова, элбэх оҕолоох эдэр ыаллар Анастасия, Владимир Ощепковтар, Дьулустаан Софронов буолан салгыы үлэлииргэ сорук туруоруммуттар.
Манна байыаннай дьайыыга сылдьар боотурдар дьиэ кэргэттэрин, элбэх оҕолоох эдэр ыаллары, инбэлииттэри өйүүр хайысханан босхо катамаранынан илдьэн-аҕалан, лууктатан, балыктатан сынньалаҥнарын тэрийэллэрэ олус үөрүүлээх, дьоһуннаах саҕалааһын. Бу буолар -– байыаннай дьайыыга сылдьар боотурдарбыт төрөппүттэригэр, дьиэ кэргэттэригэр, оҕолоругар туохха да тэҥнэспэт олус улахан өйөбүл, тирэх.
Циркэ биир тутаах артыыһа Дьулус Софронов кэпсэтэн, боотурдарбыт оҕолоругар циркэҕэ, тыйаатырга босхо сылдьалларын тэрийбиттэрэ. Саҥа дьыллааҕы утреннигы байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар, 124 оҕоҕо спонсордары булан, Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри оҥорбуттар. Тымныы оҕонньор, Хаарчааналаах кэлэн эҕэрдэлээбиттэрэ, циркэ артыыстара тэрээһини кэлэн киэргэппиттэрэ оҕолор барахсаттарга умнуллубат үтүө өйдөбүлү хаалларан үөрдүбүттэрэ-көтүппүттэрэ. Ону сэргэ Ньукуолун саҕана Ньургун Павлов булт уопсастыбатын кытары кэпсэтэн, сэриигэ өлбүттээх огдооболорго кус-хаас түҥэппиттэрэ. Бу барыта хамнаһа суох, ис сүрэхтэрин баҕатынан оҥоһуллара, долгутуулаах даҕаны хайҕаллаах даҕаны.
Бөлөҕү «Нуучча географическай уопсастыбатын» бэрэссэдээтэлэ, «Мин устуоруйам -– Арассыыйа» мусуой дириэктэрэ Дмитрий Иванович Соловьев, кини көмөлөһөөччүтэ Людмила Ивановна, ону сэргэ «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа салайааччыта Сулустаан Заболоцкай өйөөннөр, үлэлээбиттэрэ 1 сыл буолбут.
Ньургун Павлов ЛОРП көҕүлээн уматыгынан көмөлөһө сылдьалларыгар доҕотторунуун махтаналлар.
Бу сотору аны Буотаманан, Тукулаанынан сэргэх устуулар, балыктааһыннар былааннаналлар. Күһүөрү Өлүөнэ очуостарыгар устуу буолара сабаҕаланар. Дьэ ити курдук, дьоһуннаах, үтүө санаалаах Ньургун Павлов кынат буолар доҕотторунуун тэрийбит бөлөҕөр махтанабын.

ххх

Аны анал байыаннай дьайыыга сылдьар боотурдарбыт төрөппүттэригэр, дьиэ кэргэттэригэр, оҕолоругар аналлаах Үрүҥ тунах ыһыах туһунан кылгас анаарыыларбын суруйа түһүүм.
Ньургун Павлов диэн Ньургун Боотур курдук бөҕө-таҕа көрүҥнээх хапытаан, штурвалын сатабыллаахтык эрийитэ тутан, сыыдам сырыылаах катамараан аалга олорсон, кэргэммин Натальяны уонна сиэннэрбин Вася, Дайаана Гоголевтары кытары дьоллоох Дьокуускай куорат 203 түөлбэтиттэн арахтыбыт. Өлүөнэ Эбэ Хотун аата ахса суох арыыларыттан биир кэрэ сиригэр, арыыга соҕотоҕун мунан кэлэн, талахтар үрдүлэринэн хорсуннук үүммүт аарыма бэс анныгар кэлэн тигистибит. Ити курдук, катамаранынан Ньургун хаста да кырынан сахалыы сиэдэрэйдик таҥныбыт ыһыахчыттары Үрүҥ тунах ыһыах буолар түөлбэтигэр таста. Арыыга кэлээччилэри сахалыы таҥастаах Далбар хотуттар түптэ буруотунан арчылыы көрүстүлэр. Тэрийээччилэр эрдэттэн арыы отун охсон, бырдаҕын эмтээн бэртээхэй ыһыахтыыр сири оҥорон кэбиспиттэр.
Дьэ аны Үрүҥ тунах ыһыахха ыҥырыллан, алгыс сиэрин-туомун бэйэм сүрэҕим баҕатынан толорон, оҕолорбутугар, хоһуун боотурдарбытыгар, үөһээ Үрдүк айыылартан, Аал уот иччититтэн, этэҥҥэ дойдуларыгар эргиллэн кэлэллэригэр көрдөстүм.
Ыһыахха дьон-сэргэ үөрэн-көтөн, алгыс кэнниттэн иилии төгүрүччү туран, тоҥолох-тоҥолохтон тутуһан оһуохайдаан унаарыттыбыт. Онтон түһүлгэлэринэн аһааһын буолла. Тэрийээччилэр хас түһүлгэ ахсаанынан куруутун спонсордуур табаарыстара Борисов С.С биэрбит быырпаҕынан күндүлээтилэр.Араас куонкурустар: «Бастыҥ түһүлгэ», «Бастыҥ сахалыы астаах сандалы», «Бастыҥ национальнай таҥас», «Уһун суһуох» ыытылыннылар. Дьүүллүүр сүбэ «Талба» ансаамбыл ырыаһыттара Любовь Горохова, Галина Аммосова, СВО кыттыылаахтарын ийэлэрэ Людмила Фролова, Надежда Анфимова ким туох-хайдах тэринэн, астанан кэлбитин, түһүлгэтин симээбитин көрдүлэр-иһиттилэр. Сахалыы таҥас көрүүтун Мария Спиридонова, Зоя Сивцева, Анастасия Ощепкова дьүүллээтилэр. Уһун суһуох кэмнээһинэ Дьулустаан Софроновка тигистэ. Күөгүнэн балыктааһын күрэҕэр ким баҕалаах бары күрэхтэһэннэр, Бастакы миэстэни маҥнайгы балыгы хаптарбыт Федоров Алексей ылла. Ыҥырыллан кэлбит доҕотторо Ульяна Захарова, Самидин Калчаев успуорт оонньууларын иилээн-саҕалаан ыыттылар. Кинилэр тустарынан кыратык сырдаттахха, Ульяна 3 сахалыы сериалга оонньообут, «Саха» НКиХ «Эн сулускун 50+» бырайыагын кыттыылааҕа, «Чэгиэн» диэн өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа куонкурустарын лауреаттара буолбут хомус ансаамбылын тэрийээччитэ, салайааччыта. Самидин уруккута тириэньэр, иккиэн волейбол хамаандатын чилиэннэрэ, бальнай үҥкүүнэн дьарыктаналлар. Утарыта туран быалаах маһы эрийии күрэҕэ оҕолортон саҕалаан, дьахталларга, эр дьоҥҥо ыытылынна. Мас тардыһыыта эмиэ үс саастаах оҕолортон саҕалаан, сааһынан араартаан, дьахталларга, эр дьоҥҥо тыҥааһыннаахтык, ыһыы-хаһыы, кыайтарбыт оҕо аймах ытааһыннаах ньиргийэн олордо.
Ырыа-тойук, хомуска оонньооһун, оҕолор, улахан да дьоннор кыттыылаах кэнсиэр дьиэрэйдэ.
Араас күрэхтэргэ кыайыылаахтар-хотуулаахтар спонсордар «Рыболов» маҕаһыынтан (дириэктэр Алексеева С.И) 3,5 тыһыынча суумалаах сэртипикээттэрин, Архангельскай куораттан «Hunterhelp» хампаанньа (генеральнай дириэктэр Егор Лобанов) араас похуокка, балыктааһыҥҥа аналлаах бэлэхтэрин, элбэх оҕолоох Григорьев-Солдатовтар дьиэ кэргэттэрэ туруорбут «Одарич» маҕаһыынтан 3 сэртипикээти, СВО буойунун кэргэнэ, волонтёр Новгородова А.П. бэйэтин илиитинэн оҥорбут 2 дэйбиирин бэлэх ылан үөрүүлэрэ үрдэ суох буолла.
Дьэ, ити курдук Үрүҥ тунах ыһыахха оһуокайдаан, дуоһуйа сынньанан, оонньоон-көрүлээн, күөн күрэстэргэ илин-кэлин тардыһан, ирэ-хоро сэһэргэһэн дуоһуйан, катамаран аалбытыгар олорсон, дьоллоох Дьокуускай таас сыралҕаныгар буһа-хата айаннаатыбыт.
Бу Үрүҥ тунах ыһыахха сүрэхтэрин сылааһынан угуттаан, бүөбэйдээн сырытыннарбыт тэрийээччилэрбитигэр, чуолаан Ньургун Павловка муҥура суох махтал төлөннөөх тылларын этэбит. Бу курдук бар дьоҥҥутун араҥаччылыы, өйүү-убуу сылдьаргытыгар, сыралаһаргытыгар ситиһиилэри баҕарабыт.

Василий ГОГОЛЕВ-Уйулҕан, суруйааччы

+1
5
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: