Ил Дархан Айсен Николаев анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолорун өйүүр миэрэлэр болдьоҕо байыаннай дьайыы бүтүөр диэри уһатылларын туһунан ыйаахха илии баттаата. Ону таһынан, өйөбүл саҥа миэрэтин киллэрдэ – байыаннай сулууспалаахтар 3-гэр диэри саастаах оҕолорун үүт симэһинин булкадаһыгынан босхо хааччыйыы. Ити туһунан бүгүн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.
Ил Дархан социальнай миэрэлэри көрүүгэ киирбит сайабылыанньалары уонна анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар дьон дьиэ кэргэнигэр чопчу ирдэниллэр өйөбүллэри учуоттаан, “Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр миэрэлэр туһунан” ыйааҕыгар көннөрүүлэри киллэрэр туһунан быһаарыы ылыммытын бэлиэтээтэ.
“Оҕо уһуйааҥҥа сылдьарын иһин төрөппүт төлөбүрүн, 5-11-с кылаас үөрэнээччилэрин босхо аһылыгынан хааччыйыы, орто уонна үрдүк үөрэх устудьуоннарыгар көрүллэр анал үрдэтиллибит социальнай истипиэндьийэ болдьоҕо анал байыаннай эпэрээссийэ бүтүөр диэри уһатылынна. Урут бу миэрэлэри байыаннай сулууспалаах байыаннай эпэрээссийэ зонатыгар сылдьар эрэ кэмигэр бэриллэрэ”, — диэн Ольга Балабкина быһааран биэрдэ.
Күн бүгүн саамай кыралартан ураты, байыаннаай сулууспалаахтар бары оҕолоро өйөбүл миэрэнэн хабыллыбыттарын санатта. “Онон Ил Дархан байыаннай сулууспалаахтар 3-гэр диэри саастаах оҕолорун үүт симэһинин булкадаһыгынан босхо хааччыйар өйөбүл саҥа миэрэтин киллэрдэ. Бу миэрэлэр бары ыйаах тахсыаҕыттан олоххо киирэллэр”,- диэн Балабкина эттэ.
Ону таһынан, саҥа ыйааҕынан байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр билигин көрүллэ сылдьар өйөбүл миэрэлэр бигэргэтиллэллэр. Бу психологическай уонна юридическай босхо көмөлөр итиэннэ олорор дьиэҕэ гаас киллэриитигэр харчынан көмөнү оҥоруу буолар.
“Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр миэрэлэр туһунан” СӨ Ил Дархан 2022 сыл балаҕан ыйын 25 күнүнээҕи 2603 нүөмэрдээх ыйааҕар уларытыылары киллэрии туһунан” ыйааҕын сиһилии манна көрүҥ.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Хаартыска: Мария ВАСИЛЬЕВА.
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу уон түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Борокуратуура буруйу оҥорууларынан процессуальнай бэрэбиэркэлэри уонна холуобунай…
Билигин хаһаайкаларга оҕуруот олордуутун үгэнэ. Саха дьонугар сайыҥҥы сүрүн аһынан оҕурсу, биэрэс, помидор буолар. Өлгөм…
Кырачаан оҕо күн сирин көрүүтэ — хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ үөрүүлээх, дьикти кэрэ түгэн. Кини бу…
Уйулҕа үөрэҕэ. Доруобуйаны чинчийэр институт учуонайдара үстэриттэн биэстэригэр диэри саастаах 74 оҕону түмэн, улахан суолталаах…
Аны аҕыйах хонугунан, бэс ыйын 13–14 күннэригэр, Саха сиригэр Татарстаан Өрөспүүбүлүкэтин аатырар-сураҕырар Сабантуй национальнай бырааһынньыга ыытыллыаҕа.…
Бүгүҥҥү иһитиннэриинэн муус Өлүөнэ, Дьааҥы, Индигиир, Халыма, Өлөөн, Алаһыай (Алазея) өрүстэринэн устар. Өлүөнэ эбэ мууһун…