Анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар көмө салҕанар
2022 сыл ахсынньы 5 күнүнээҕи чахчынан, Ил Дархан Айсен Николаев “Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр дьаһаллар тустарынан” Ыйааҕынан, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүргэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 880 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай суумалаах үп көрүлүннэ.
Үп сорҕото анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин чилиэннэригэр уонна аймахтарыгар биир кэмнээх төлөбүрү оҥорорго ыытылынна. Билигин өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр хантараагы түһэрсибит байыаннай сулууспалаахтартан уратылар, а.э. атын байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрэ бары кэриэтэ төлөбүрү ыллылар.
Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 7,5 мөлүйүөнтэн тахса үп 5-11 кылаастар 984 үөрэнээччилэрин (төрөппүттэрэ — анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара) босхо итии аһылыгынан хааччыйарга бэрилиннэ. 2022 сыл балаҕан ыйыттан ахсынньыга диэри төрөппүт төлөбүрүттэн босхолонор миэрэнэн 840 оҕо туһанна. Ороскуоттары сабарга Саха сирин бүддьүөтүттэн 6,3 мөлүйүөн солкуобай бэрилиннэ.
Байыаннай сулууспалаахтар оҕолоро оҕо лааҕырдарыгар босхо путевкаларынан туһаналларыгар 880-тэн тахса сайаапка бэрилиннэ. Сайыҥҥы чэбдигирдэр хампаанньа кэмигэр маннык өйөбүлү оҕолору сынньатар уонна чэбдигирдэр тэрилтэлэр бары оҥоруохтара. Эрэгийиэннээҕи бүддьүөккэ сынньана барыы уонна кэлии ороскуотун төлөөһүн көрүллэр.
Өйөбүл миэрэлэринэн байыаннай сулууспалаах устудьуон оҕолоро эмиэ туһаналлар. Ол курдук, ахсынньы 5 күнүгэр тус сыаллаах үөрэххэ дуогабары түһэрсэргэ 102 сайаапка киирдэ. Орто анал үөрэх 152 устудьуона уонна үрдүк үөрэх кыһаларын 69 устудьуона, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕын оҕолорун быһыытынан, үрдүк социальнай истипиэндьийэни ылаллар. Бу истипиэндьийэ устудьуон үөрэҕэр ситиһэриттэн уонна босхо эбэтэр төлөбүрдээх үөрэххэ үөрэнэриттэн тутулуга суох бэриллэр. Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбыт уонна бааһырбыт киһи эмтэнэригэр биир кэмнээх төлөбүрүнэн 18 киһи туһанна.
4,8 тыһыынчаттан тахса киһи уйулҕа исписэлииһин өҥөтүнэн туһанна, 35 байыаннай сулууспалаах өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинискэй тэрилтэлэригэр эмтэннэ, 2 киһи доруобуйатын чөлүгэр түһэриннэ, өссө 29 киһи доруобуйатын чөлүгэр түһэрэ сылдьар. Ону таһынан байыаннай сулууспалаахтар төрөппүттэрэ санаторийга-курортка эмтэниэхтэрин сөп, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара 2022 сылга тырааныспар нолуогуттан босхолоноллор, ону сэргэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар олорор дьиэлэригэр гаас киллэртэриэхтэрин сөп.
Ил Дархан “Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар (кыттыбыт) дьоҥҥо уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр биир кэмнээх төлөбүрдэр тустарынан” Ыйааҕын олоххо киллэрэргэ төлөбүр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн оҥоһуллар. Ол эбэтэр анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар, бааһырбыттарга уонна өлбүт байыастар чугас аймахтарыгар биир кэмнээх төлөбүр көрүллэр.
(СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалларынан)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: