Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллыбыттар дьиэ кэргэттэригэр Өлүөхүмэ улууһа биэс уоннуу тыһыынча солкуобайы көрүөҕэ
Өлүөхүмэ улууһун баһылыга Николай Харбин хомуурга ыҥырыллыбыттар дьиэ кэргэттэригэр биэс уоннуу тыһыынча солкуобай суумалаах көмө төлөбүрү биэрэр туһунан уураахха илии баттаабыт. Төлөбүр уопсай суумата 7,7 мөл. солк. тэҥнэһэр. Бу РФ Бырабыыталыстыбатын 2022 сыл алтынньы 3 күнүнээҕи 1745 №-дээх уурааҕа тахсан кыалынна диэн баһылык бэлиэтиир.
“Биһиги курдук ороскуот ыстатыйата барыта суруллан турар дотационнай бүддьүөттэн, өйөбүл миэрэлэри оҥорор үп көрүллүбэт. Көмө бүддьүөтү таһынан үптэн бэриллэр, хас биирдии эрэгийиэҥҥэ, улууска кыахтара араас. Байыаннай сулууспалаахтар, эбээһинэстэрин толорор дьон дьиэ кэргэттэригэр өрөспүүбүлүкэ таһымыгар кэккэ миэрэлэр бааллара үөрдэр”, – диэн Николай Харбин этэр.
Төлөбүр көрүллүүтүн төһө кыалларынан судургутуппуттар. Хомуурга ыҥырыллыбыт киһи дьоно төлөбүр ылар туһугар, ыҥырыллааччы ханна олорбут (прописка) нэһилиэгин дьаһалтатыгар тиийэллэрэ ирдэнэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: