Анал эпэрээссийэ кыттыылаахтара “Бэс Чагдаҕа” эмтэниэхтэрэ
Москваҕа Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлин солбуйааччы, Биир кэлим сүрүннүүр киин бааһырбаттары кытары үлэҕэ оробуочай бөлөҕүн салайааччы Мария Сафонова иһитиннэрбитинэн, “Бэс Чагда” санаторийга анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын доруобуйаларын чөлүгэр түһэриэхтэрэ.
“Бэс Чагда” санаторийга анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар доруобуйаны чөлүгэр түһэрэргэ анал бырагыраама оҥоһулунна. 20 хонуктаах кууруска физиотерапия, механотерапия, уунан эмтээһин, эмтиир-физкультура комплекса, теринкур, бассейн, фитотерапия баар буолуохтара. Эмтэнээччилэри терапевт, кардиолог, невролог быраастар уонна травматолог-ортопед, психотерапевт көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ», -диэн Мария Сафонова бэлиэтээн эттэ.
Эмтэнэ барарга туһаайыы суругу СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн уонна Биир кэлим сүрүннүүр киинтэн (быстах хомуурга ылыллыбыттарга, байыаннай сулууспалаахтарга, анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттыбыттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр араас өрүттээх көмөнү оҥорор киин) ылыахха сөп.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин 122 (эбии 1 нүөмэр) “суһал линиятыгар», онтон Москваҕа өрөспүүбүлүкэ Биир кэлим сүрүннүүр киинигэр +7 (926) 887-08-52 уонна +7 (926) 886-86-04 нүөмэрдэргэ эрийэн билсиэххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: