Анал хамыыһыйа «Манчаары оонньууларын” өрөгөй ырыатын талар
СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Марина Силина салалтатынан Таатта улууһугар ыытыллыахтаах успуорт национальнай көрүҥнэригэр ыытыллар «Манчаары оонньуулара” XXII Спартакиада өрөгөй ырыатын айыыга киирбит бырайыак түмүгүн таһаарда.
Успуорт улахан суолталаах тэрээһинэ 2025 сыл от ыйын 7 күнүттэн 12 күнүгэр диэри Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр ыытыллыаҕа.
Куонкурус бастакы түһүмэҕэ тохсунньу 9 күнүгэр саҕаланан баран, тохсунньу 20 күнүгэр түмүктэннэ. Сүүмэрдээһини ааспыт кыттааччылар аны куонкурус иккис түһүмэҕэр кыттыыны ылыахтара. Онно хамыыһыйа аны өрөгөй ырыатын мелодиятын талыаҕа.
Куокуруска киирбит 24 хоһоонтон 7 айар үлэни таллылар.
- Васильев Гавриил Гаврильевич – «Улуукан Сахабыт сириттэн…»
- Толстяков Дьулустан – «Сайыммытын уруйдаан …»
- Фролова Ольга Андреевна (Ольга Янцен) – «Өрөгөй ырыата»
- Алексеев Михаил Анисьевич – «Уут туран дойдуга …»
- Карамзин Егор Афанасьевич – «Манчаары оонньуута»
- Ядреева Мирабелла Ивановна – «Өбүгэбит саҕаттан …»
- Докторова Розалия Петровна – «Кыргыһыы дэммэккэ күрэхтэр».
Куонкурус икки түһүмэҕинэн барар:
2025 с. тохсунньу 20 күнүгэр I этаап – тиэкис ис хоһоонун айыы;
2025 с. олунньу 20 күнүгэр II этаап – мелодияны айыы.
Куонкурус кыайыылааҕар диплом уонна анал бириэмийэ туттарыллар: өрөгөй ырыатын тиэкиһин бырайыагар — 20 000 тыһыынча солкуобай, өрөгөй ырыатын мелодиятын бырайыагар — 20 000 тыһыынча солкуобай.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: