Анал хамыыһыйа «Манчаары оонньууларын” өрөгөй ырыатын талар

Share

СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Марина Силина салалтатынан Таатта улууһугар ыытыллыахтаах успуорт национальнай көрүҥнэригэр ыытыллар «Манчаары оонньуулараXXII Спартакиада өрөгөй ырыатын айыыга киирбит бырайыак түмүгүн таһаарда.

Успуорт улахан суолталаах тэрээһинэ 2025 сыл от ыйын 7 күнүттэн 12 күнүгэр диэри Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтигэр ыытыллыаҕа.

Куонкурус бастакы түһүмэҕэ тохсунньу 9 күнүгэр саҕаланан баран, тохсунньу 20 күнүгэр түмүктэннэ. Сүүмэрдээһини ааспыт кыттааччылар аны куонкурус иккис түһүмэҕэр кыттыыны ылыахтара. Онно хамыыһыйа аны өрөгөй ырыатын мелодиятын талыаҕа.

Куокуруска киирбит 24 хоһоонтон 7 айар үлэни таллылар.

  1. Васильев Гавриил Гаврильевич – «Улуукан Сахабыт сириттэн…»
  2. Толстяков Дьулустан – «Сайыммытын уруйдаан …»
  3. Фролова Ольга Андреевна (Ольга Янцен) – «Өрөгөй ырыата»
  4. Алексеев Михаил Анисьевич – «Уут туран дойдуга …»
  5. Карамзин Егор Афанасьевич – «Манчаары оонньуута»
  6. Ядреева Мирабелла Ивановна – «Өбүгэбит саҕаттан …»
  7. Докторова Розалия Петровна – «Кыргыһыы дэммэккэ күрэхтэр».

Куонкурус икки түһүмэҕинэн барар:

2025 с. тохсунньу 20 күнүгэр I этаап – тиэкис ис хоһоонун айыы;

2025 с. олунньу 20 күнүгэр II этаап – мелодияны айыы.

Куонкурус кыайыылааҕар диплом уонна анал бириэмийэ туттарыллар: өрөгөй ырыатын тиэкиһин бырайыагар —  20 000 тыһыынча солкуобай, өрөгөй ырыатын мелодиятын бырайыагар —  20 000 тыһыынча солкуобай.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга «Звезднай» түөлбэҕэ керлинг тыраассалаах саҥа каток аһылынна

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн ыытыллыбыт «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн, Дьокуускай куоракка саҥа «Звезднай» түөлбэҕэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Көтөр баабыракытыгар үлэ дьыла үөрүүлээх түгэнтэн саҕаланна

Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабыракытыгар саҥа үлэ дьыла үөрүүлээх түгэнтэн саҕаланна. Инкубаторияҕа бэйэ оҥорон таһаарыытын үрдэтиигэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Хаҥалас улууһугар 11-с кылаас үөрэнээччилэрин химия эксээмэнигэр бэлэмниир үөрэтэр-эрчийэр түмсүүлэр саҕаланнылар

Түмсүү А.В.Дмитриев аатынан биирдиилээн биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтии Ой орто оскуолатыгар буолар. Тэрээһиҥҥэ 50-ча үрдүкү кылаас…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сириттэн байыаннай дьайыыга автотиэхиньикэни уонна гуманитарнай көмөнү тиэрдии салҕанан барар

«Патриотическая» ТОР федеральнай бырагыраама чэрчитинэн, «Якт-Сокол» квадроцикллары уонна «Тимир Ат» электромотоцикллары байыаннай дьайыыга тиэрдии салҕанар.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕынан биир идэлээхтэригэр бэйэтин баҕа санаатын 99 саастаах педагог эттэ

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕа буола турар. Биир идэлээхтэригэр бэйэтин баҕа санаатын 99…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сааскы халааҥҥа бэлэмнэнии саҕаланна

Бу дьыл тохсунньу 24 күнүгэр сарсыарда 10:00 чаастан Уу ресурсаларын федеральнай ааҕыныстыбатын Өлүөнэ тардыытынааҕы ууга…

4 часа ago