Анастасия Афанасьева: «Бырайыак улууспутугар күүскэ үлэлиэ»
Бу кэмнэргэ Саха сирин дьоно-сэргэтэ анал байыаннай эпэрээссийэҕэ инники кирбиигэ сылдьар дьоммутугар туох кыалларынан көмөнү оҥорууга кытта олорор. Чурапчы улууһун дьахталларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, мобилизацияламмыттарга көмө боппуруостарыгар тэриллибит улуус хамыыһыйатын састаабыгар үлэлии сылдьар Анастасия Афанасьева Чурапчы улууһун ийэлэрин, оскуола оҕолоругар тиийэ кытыннаран, бары биир сомоҕо буолан, анал бырайыак оҥорбуттарын туһунан санаатын үллэһиннэ.
— Мугудай нэһилиэгэр «Сайдыына” дьахтар түмсүүтэ уонна да атын нэһилиэктэр дьахталларын түмсүүлэрэ туспа ааттаах-суоллаах, бэйэлэрэ талбыт сүрүн хайысхалаах үлэлииллэр. Биһиги нэһилиэкпитигэр иистэнньэҥнэр, норуот маастардара элбэхтэр. Кинилэр өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тиийэ сахалыы таҥаска эҥин иис күрэһин ыытан кэлбиттэрэ.
Быстах байыаннай хомуур биллэриллэрин кытта, бу бырайыактарын уларыта тутаммыт уонна инники кирбиигэ сылдьар саллааттарбытыгар анаан ичигэс балаклава, сэлиэччик, сиргэ олорор олбох уо.д.а. тигиитигэр бырайыак суруйан, РФ гранын куонкуруһугар ыыппыппыт.
Бырайыак чэрчитинэн, бастаан, чугас нэһилиэктэринэн сылдьан киэптэри быһыыга, тигиигэ үөрэтии үлэтин, иккиһинэн, нэһилиэктэр дьахталлара оҕолору кытыннаран, ити үөһэ этиллибит сылаас таҥастары тигии үлэтин ыытыахтаахтар, үсүһүнэн, тигиллибит таҥастары саллааттарга ыытыы, тиксэрии үлэтэ барыахтаах. Бу курдук тигиллэн саҕаланыаҕыттан илдьэн туттарылларыгар тиийэ үс түһүмэҕинэн аттарыллан оҥоһуллубут бырайыак буолар. РФ граныгар бу анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьоҥҥо аналлаах бырайыагы саҥа киллэрбиттэрэ. Онон баара-суоҕа икки нэдиэлэ эрэ курдук бириэмэҕэ суруйан ыыппыппыт. Граҥҥа кыттыыбыт түмүгэ бу ый 15 күнүгэр биллиэхтээх. Итинтэн атын хас да атын бырайыактар эмиэ ыытыллыбыттара, күүтэбит. Кыайар түгэммитигэр, матырыйаалбытын ыларбытыгар эҥин үп кэлиэ этэ. Ити бырайыагы суруйарбытыгар улуус, нэһилиэк баһылыктара өйөөннөр, кыттыгас үбүлээһиҥҥэ харчы булан көрбүттэрэ. Онон граҥҥа кыайар түгэммитигэр, бырайыак улууспутугар күүскэ үлэлиэ диэн эрэнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: