Анастасия Борисова «Краш-тест» диэн киинэтэ таҕыста
06.09.2023, 09:18
Бөлөххө киир:
Саха сириттэн төрүттээх, Москватааҕы киинэ оскуолатын выпускницата Анастасия Борисова «КРАШ-ТЕСТ» диэн бастакы улахан киинэтэ таҕыста.
Анастасия бу иннинэ Владимир Мункуевтыын «СУЛУС» уонна «ИЙЭ» киинэлэргэ үлэлэспитэ.
portal-kultura.ru суруйарынан, «КРАШ-ТЕСТ» киинэҕэ саҥа оскуоланы бүтэрбит үс дьүөгэлиилэр тустарынан кэпсэнэр. Кинилэр сайын үрдүк үөрэх киин кыһаларыгар туттарсар былааннаахтар. Ол сылдьан дьүөгэлиилэр бэйэ-бэйэлэриттэн олус атыннарын, кинилэри оскуолаҕа бииргэ үөрэммиттэрин таһынан туох да сибээстээбэттэрин билэллэр.
Киинэ сценарийын режиссер Анастасия Борисова бэйэтэ суруйбут. Киинэ продюсердарынан биирдэстэринэн «Аритмия» ааптара Борис Хлебников буолар.
Сүрүн дьоруойдар: Варвара Володина, Елизавета Ищенко уонна Дарья Харченко. Маны таһынан киинэҕэ Микита Воронов, Владимир Сарапульцев, Анна Котова, Олег Каменщиков уонна да атын артыыстар уһуллубуттар.
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: