Анастасия Диодорова аата алмааска иҥэрилиннэ
2019 сыл бүтүүтэ Ил Дархан Айсен Николаев ювелирнай хаачыстыбалаах 100 бөдөҥ алмааска өрөспүүбүлүкэ 100 бастыҥ дьонун ааттарын иҥэриини көҕүлээбитэ. Саха сирин уонна «АЛРОСА» АХ «Алмаастаах ааттар» холбоһуктаах бырайыактарын чэрчитинэн бастыҥтан бастыҥ дьоммут ааттара бөдөҥ алмааска иҥэриллэн үйэтитиллэр.
Бэҕэһээ «Чолбоҥҥо» харбааһыҥҥа успуорт үтүөлээх маастара, Пекиҥҥэ Паралимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призердара, аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ, Европа сэттэ төгүллээх чөмпүйүөнэ Анастасия Диодорова улахан успуортан барар бүтэһик 50 миэтирэҕэ харбааһына буолбута.
Ол кэнниттэн «Россия – моя история» историческай пааркаҕа Арассыыйа Паралимпийскай кэмитиэтин бэрэстэбиитэллэрэ уонна аан дойду уонна Европа чөмпүйүөнэ, ууга харбааһыҥҥа Паралимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призердара Анастасия Диодорова ыалдьыттаабыттара.
Анастасия «Россия – моя история» историческай пааркаҕа сылдьан «100 именных алмазов» быыстапкаҕа туруоруллубут аан бастаан кини аатынан 52,04 караттаах алмааһы көрдө. Алмааска Анастасия Диодорова аата «Саха АССР 100 сылыгар 100 анал ааттаах алмаас» бырайыак чэрчитинэн иҥэриллибитэ диэн СӨ Успуорка министиериэстибэтэ иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: